«Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан паромҥа уочарат аччыаҕа

Бүгүҥҥүттэн «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан эбии биэс паром сылдьыаҕа. Бэс ыйын 4 күнүттэн “Даркылаах” тиксиитигэр массыыналары уочараттатар “накопитель” үлэлиэҕэ. Бу туһунан СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев иһитиннэрдэ.

— Билиҥҥи туругунан, өрүһү туоруурга уопсайа тоҕус паром үлэлиир. Онтон үһэ таһаҕас тиэйэр массыыналарга анаммыт. Бүгүн биир паром эбиллиэҕэ, онтон өрөбүлгэ-бэнидиэнньиккэ эбии түөрт паром үлэлии тахсыаҕа, — диэн миниистир иһитиннэрдэ.

Миниистир бэлиэтииринэн, быйыл өрүс суола «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан арыый хойутаан үлэлээбит. Ити өрүс мууһа хойутаан ааһан, «Даркылаах» тиксиитэ уунан туолбут. Онон “Даркылаах” тиксиитигэр кумах кутан, уот холбонон тырааныспардар халҕаһаларын бэрээдэктиир “накопитель” аһылларын иһитиннэрдэ.

Ульяна ЗАХАРОВА.

ТАР5АТ: