Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан 13 паром үлэлиир

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паром ахсаана  13-кэ диэри элбээтэ. Маны таһынан  эбии хас да  причал үлэтин саҕалаата диэн Тырааныспар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Өлүөнэ өрүскэ уу таһыма үрдүгүнэн, билиҥҥээҥҥэ диэри сорох причаллар ууга туралларынан, массыыналар киириилэрэ-тахсыылара  быстах кэмнээх схеманан ыытыллар. Дьокуускай өттүттэн сэттэ причалтан алтата, оттон Аллараа Бэстээххэ сэттэттэн биэһэ үлэлиир.

Мантан сайын навигация кэмигэр уопсайа  15 паром үлэлиирэ былааннанар.

 

edersaas.ru

ТАР5АТ: