Россия култуурнай көҕүлээһин пуондатын өйөбүлүнэн Дзержинскэй аатынан уулуссаҕа өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар хаайыылар тустарынан иммерсивнэй экскурсяи саҕаланна. Бу туһунан тэрийээччи телеграм-ханаалыгар иһитиннэрэллэр.
«Тэрээһин кыттыылаахтара наушниктары кэтэллэр уонна сырдатыы тиэмэтигэр сыһыаннаах сирдэринэн кэрийэллэр, урукку сэби-сэбиргэли, эргэ хаартыскалары уонна малы-салы көрөллөр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, экскурсияны Ис дьыала министиэристибэтин дьиэтин таһыгар ыыппыттар, манна революция иннинээҕи кэмҥэ «Хаайыы куората» («Тюремный городок») баара биллэр.
Хаайыы улахан тиэргэннээҕэ, сууйар-сотор сирдээҕэ, баанньыктааҕа, хаайыы куорпустааҕа биллэр. Нөҥүө өттүгэр хаайыы салайааччыта уонна үолэһиттэр олорор уопсайдара баара биллэр.
Маны таһынан, 17-с үйэҕэ Преображенскай собор уонна кыраайы үөрэтэр түмэл икки ардыгар ссылкаҕа кэлбит дьон олорбуттар.
Экускурсия ааптардара бэлиэ сирдэр уонна биллэр-көстөр дьон туһунан өссө эбии иһитиннэрии оҥорор былааннаахтар.