2019 сылга Ил Дархан Айсен Николаев саҕалаабыт «Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыак чэрчитинэн, 2022 сылга Дьокуускайга Максим Аммосов мемориальнай дьиэ-түмэлэ уонна Ярославскай дьиэ-түмэлэ тутуулары өрөмүөннүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Иһитиннэриини вице-премьер Сергей Местников култуурнай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин судаарыстыбаннай харыстабылын тупсарыы сүбэ мунньаҕар тириэртэ.
«Историческай уонна култуурнай нэһилиэстибэни харыстааһын боппуруоһа биһиги үлэбит биир тутаах хайысхата буолар. Быйыл пааматынньыктары харыстааһын балаһатын боппуруоһун быһаарыахтаахпыт, бу чугастааҕы сир историятын харыстааһыҥҥа, тутуу үлэтин ыытарга, ордук административнай мэһэйдэри туоратарга, көмөлөһүө» — диэтэ кини.
Местников этэринэн, быйыл Ярославскай, Аммосов аатынан дьиэ-түмэллэри, итиэннэ Чөркөөх политическай сыылка, Ытык Күөл литература түмэллэрин историческай уонна култуурнай уонча пааматынньыктарын саҥардан оҥоруу саҕаланыа.
Маны таһынан 2022 сылга Хаҥаласка Серго Орджоникидзе дьиэ-түмэлин өрөмүөнүгэр бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар, Дьокуускайдааҕы реальнай училище дьиэтин бырайыагын, ороскуотун докумуонун бэлэмнээһин түмүктэнэн эрэр.
Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр Мэҥэ Боҕуруоскай Таҥара дьиэтин сөргүтэн оҥорууга бэлэмнэнии саҕаланыан сөп. Эбийиэк бырайыагын уонна ороскуотун докумуона өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн үбүлэниэ.
Маны таһынан, Дьокуускайдааҕы эр дьон прогимназиятын бырайыага оҥоһуллар, Ленскэй Биитимигэр Громовтар дьиэлэрин сөргүтүүгэ үбүлээһини көрдүүр үлэ ыытыллар.
Муус устар 18 күнүгэр Дьокуускайга суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон уонна Уус Алдан улууһугар Савва Егоров дьиэлэрин сөргүтэн оҥорууга телемарафон буолуо.
Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр уопсайа 1873 култуурнай нэһилиэстибэ эбийиэгэ баар. Олортон 815-һэ Россия норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэлэрин эбийиэктэрин судаарыстыбаннай испииһэгэр киирбит, култуурнай нэһилиэстибэ эбиэгэ бэлиэлээх — 19. 1048 култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрэ, 14 — сүппүтүнэн ааҕыллаллар.