Дьокуускайга куорат тырааныспарын ситимин саҥа моделын оҥоруохтара. Манна анаан саҥа маршруттары кытта тырааныспар ситимин тэрийиэхтэрэ, автопаарканы сөргүтүөхтэрэ, оптуобустары тупсарыахтара, пассажирдарга анаан цифровой сервистэри киллэриэхтэрэ.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев министиэристибэлэр, куорат былаастара уонна аналлаах тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньахха сүрүн соруктары туруорда. Кини ый устата былаан бырайыагын бэлэмнииргэ сорудахтаата.
«Дьокуускай — Уһук Илиҥҥэ да, дойду үрдүнэн да биир саамай түргэнник сайдар куората. Манна уулуссалар ситимнэрэ кэҥээн, суоллара өрөмүөннэнэн, нэһилиэнньэ элбиир. Маны сэргэ биһиги киин куораппыт, биллэн турар, куорат олохтоохторун баҕа санааларыгар сөп түбэһэр буолуохтаах», — диэтэ Айсен Николаев.
«Саха АССР 100 сылын көрсө газомоторнай уматыгынан айанныыр 100 саҥа оптуобус атыылаһыллыаҕа. Ол эрээри автопаарканы саҥардыы баар кыһалҕаны быһаарыа суоҕа, уопсайынан, систиэмэни уларытыахха наада», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Кини саҥа систиэмэни олохтуох иннинэ чинчийэр үлэни ыытары наадалааҕынан ааҕар. Манна оптуобустар төһө арыттаах сылдьалларын, туох саҥа маршруттар наадаларын учуоттуохха наадатын ыйда.
Айсен Николаев бырайыак олоххо киириитин хонтуруолга ыларын, итиэннэ ый иһигэр бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников суол каартатын оҥороругар сорудахтаата.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.