«Аврора» биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа Чита — Дьокуускай — Чита хайысхатынан субсидиялаах көтүүнү номнуо тохсунньуттан саҕалыаҕа.
Рейс нэдиэлэҕэ биирдэ оҥоһуллара былааннанар.
«Субсидиялаах рейс федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Биир хайысхаҕа көтүү сыаната 10 тыһ. солк. үрдээбэт», — диэн Забайкальскай кыраай тутууга,суол хаһаайыстыбатыгар, тырааныспарга миниистирэ Дмитрий Ватагин иһитиннэрдэ.
edersaas.ru