«Эдэр бөҕөстөр көбүөргэ ыраастык кыайа тахсыахтаахтар» — НВК Саха

Олунньу 4 күнүгэр «Тайм аут» биэриигэ көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус 2 төгүллээх боруонса призёра (Уфа – 1974, Минск – 1978), ССРС Кубогын 2 төгүллээх кыайыылааҕа (1976, 1978), Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын Спартакиадатын үһүс миэстэлээҕэ (Киев, 1975), ССРС Универсиадатын кыайыылааҕа, Дан Колов аатынан Болгарияҕа ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир үрүҥ көмүс призёра (1975), Германия Лейпциг куоратыгар ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир 3 төгүллээх кыайыылааҕа (1978, 1979, 1980), Украина 7 төгүллээх чемпиона, олимпийскай чемпион Павел Пинигинныын Украинаҕа бииргэ үөрэммит, дьарыктаммыт, элбэх сырыыны ааспыт Дьааҥы ааттааҕа Михаил Васильевич НОГОВИЦЫН студия ыалдьытынан буолла.

ТАР5АТ: