Саха сиригэр эдэр табаһыттар дьиэ тутталларыгар эбэтэр дьиэ атыылаһалларыгар 2 мөл. солк. диэри төлөбүр кээмэйин улаатыннардылар. Бу туһунан СӨ Арктикаҕа уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Михаил Погодаев иһитиннэрдэ.
«Саха сирин бырабыыталыстыбата эдэр табаһыттарга дьиэ-уот туталларыгар 2024 сылга төлөбүр кээмэйин икки мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатыннарар туһунан быһаарыы ылынна. Судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, бу сыалга 28 мөл. солк. үп-харчы көрүллүөҕэ», — диэтэ Михаил Погодаев.
Саха сиригэр эдэр табаһыттарга сөптөөх көмө оҥоһуллан, саҥа дьиэ тутталларыгар уонна атыылаһалларыгар кыах эбиллиэҕэ диэн кэтэһэллэр. Погодаев быһаарбытынан, төлөбүр ирдэбилинэн дьиэтэ-уота суох 18 саастарын туолбут эдэр табаһыттарга бэриллэр. Бу төлөбүр эдэр табаһыт сүрүн үлэтин миэстэтигэр олорор дьиэни атыылаһыыга эбэтэр туттарга ананар. Урут төлөбүр кээмэйэ 1 мөл. солк. этэ.
Төлөбүрү эдэр табаһыт олорор дьиэни тутууга, олорор дьиэ атыыласпытын төлөбүрүн толуйууга бас билиитигэр ыларыгар туһаныан сөп.
Санаттахха, «Эдэр табаһыт» бырагыраама 2020 сылтан ситиһиилээхтик олоххо киирэр. 35 саастарыгар диэри эдэр табаһыттарга олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар көмө харчы көрүллэр.