А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын театра «Эйгэ» бүтүн Россиятааҕы «Крымский мост» бэстибээл лауреат дипломун ылла. Бу туһунан үөрэх тэрилтэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Биһиги колледжпыт бу бэстибээлгэ иккиһин кыттар. Бырагыраама олус киэҥ, толору этэ. Ол курдук, Судак куорат күнүгэр «Крымский мост» бэстибээл кыттыылаахтара биэрэк кытылыгар хаамтылар. Түмүктүүр гала-кэнсиэргэ «Эйгэ» театр хомуһунан «Олоҥхо дойдутун тыына» диэн композицията толордулар», — диэн колледж дириэктэрэ эттэ.
Быйыл бэстибээлгэ бүтүн дойдуттан 500 кыттааччы кытынна. Сүрүн тэрээһиннэр Феодосия уонна Судак куораттарга ыытыллыбыта.
Билигин «Эйгэ» устудьуон театрын кыттааччылара Москваҕа бааллар, онтон кинилэр Горно-Алтайскайга регионнар икки ардыларынааҕы «Наследие, завещанное предками» бэстибээлгэ кытта барыахтара.