Элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар көрүллэр төлөбүрү биэриини 2030 сылга диэри уһаттылар

РФ Судаарыстыбаннай Дуумата элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар көрүллэр төлөбүр туһунан бырагырааманы 2030 сылга диэри уһатар туһунан сокуону ылынна диэн объясняем.рф саайт суруйар.

Бу сокуон РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Туһаайыыта олоххо киириитин чэрчитинэн бэлэмнэннэ.

«Үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар диэн судаарыстыбаттан 450 тыһ. солк. кээмэйдээх төлөбүрү көрөргө диэн судаарыстыба баһылыга сорук туруорбута», — диэн бэрэссэдээтэл Вячеслав Володин эрдэ иһитиннэрбитэ.

Кини бэлиэтээн этэринэн, Судаарыстыбаннай Дуума оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэри кэҥэтэргэ үлэлэһэр.

ТАР5АТ: