Емельян Ярославскай аатынан музейга 18-с үйэтээҕи көмүүнү чөлүгэр түһэрдилэр

Емельян
Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын
холбоһуктаах судаарыстыбаннай музейа 18-с үйэтээҕи Саха-французскай археолого-этнографическай
экспедиция хаһыыларын матырыйаалларыттан саҥалыы уларытыллан оҥоһуллуубут «Кыыс
Уҥуоҕа» көмүүнү көрдөрдө.

«Кыыс
Уҥуоҕа» көмүүнү 2006 сыллаахха Чурапчы улууһугар Болтоҥо нэһилиэгэр булбуттара.

Саҥардыы
үлэтигэр музей үлэһиттэрэ Евстафий
Прибылых
, Александр Эверстов, Ирина Корякина, Иван Попов Николай Находкин кытыннылар.
Маны этнография секторын сэбиэдиссэйэ Василий
Попов
салайан ыытта.

Матырыйаалыгра пенополистиролу, ону тэҥэ таба уонна тайах тириититтэн сарыыны, тигиллибит оҕуруону туһаммыттар.

Василий Попов 2004 сылтан саҕалаан сыл аайы Эрик Крюзи Тулуза куорат молекулярнай
антропология лабораториятын директора салалтатынан Саха-французскай археолого-этнографическай
экспедицияҕа кыттар.

Кинилэр
чинчийиилэрэ сахалар төрүт көмүүлэрин хронологияларын үйэтитэргэ, наукаҕа урут
биллибэтэх көмүү үгэстэрин арыйарга уонна салгыы үлэни ыытарга анаан матырыйааллары
хомуйан көмөлөспүттэрэ.