Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, айылҕа алдьатыыларыттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүр кээмэйэ түөрт төгүл үрдээтэ.
Урут эмсэҕэлээбит дьон муҥутаан 25 тыһыынча солкуобайы ылар эбит буоллахтарына, билигин суума 110 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта.
Уларыйыылар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2017 сыл атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи 297 №-дээх «Об утверждении Порядка использования бюджетных ассигнований резервного фонда Правительства Республики Саха (Якутия) на предупреждение и ликвидацию чрезвычайных ситуаций и последствий стихийных бедствий» диэн уураахха киирдилэр.
Биир киһиэхэ материальнай көмө кээмэйэ 5 тыһыынча солкуобайтан 10 тыһыынчаҕа диэри, баайы-дуолу сүтэриигэ харчынан көмө 20 тыһыынчаттан 100 тыһыынча солкуобайга (барытын сүтэрдэххэ — 100 тыһ.солк., сороҕун — 50 тыһ.солк.) диэри үрдээтэ.
Бу төлөбүрдэр 2017 сылтан индексациялана илик этилэр. Айсен Николаев ыам ыйын 23 күнүгэр төлөбүр кээмэйин суһаллык үрдэтэр туһунан сорудахтаабыта.
Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн дааннайынан, билиҥҥитэ Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба улуустарыгар халаантан эмсэҕэлээбит 3384 киһи баара биллэр. Кинилэр матырыйаалынай уонна харчынан көмө төлөбүрдэрин саҥа бигэргэммит кээмэйинэн ылыахтара.