Саха дириҥ, түгэҕэ көстүбэт итэҕэллээх омук. Ону биһиги одоҥ-додоҥ да буоллар, хаалбыт чахчылартан билэбит. Холобур, биһиги өбүгэлэрбит талаҕы эриэн гына быһан баран сиэргэ-туомҥа тутталлара. Атын омуктары көрдөххө талаҕы абы-хомуһуну кытта эмиэ ыкса ситимнииллэр эбит. Ол курдук англичаннарга кыыс кимиэхэ кэргэн тахсарын билиэн баҕардаҕына талах чыпчаххайын ылан үөт тула “кэргэн тахсыахтаах уолум кэлэҥҥин талахпыттан тутус” дии-дии үстэ эргийиэхтээҕэ, онуоха ол уола илэ көстөн, талах төбөтүттэн тутуһан хаамсара үһү.
Славяннар үөт маһы улаханнык ытыктыыллара, олох быстыбат ситиминэн ааҕаллара. Талах сигэтинэн бөҕөх, моой симэҕэ оҥостоллоро. Оҕото суох дьахталлар үөт мастан оҕо кутун көрдөһөллөрө. Тыал-буурҕа утары талаҕы бырахтахха уурайар, уокка бырахтахха уоҕун кыччатар диэн өйдүүллэрэ. Христианнарга “вербное воскресенье” бырааһынньыктарыгар талаҕынан дьиэ иһин буруолатан ыраастыыллара, боруһуок курдук мэлийэн баран араас ыарыылартан эмтэнэллэрэ. Сибэтии буолбут талаҕы кыһыл муннуккка таҥара күлүгүн кэннигэр уураллара – ол дьиэ кэргэни араҥаччылыыр, кири-хоҕу ыраастыыр диэн өйдүүллэрэ.
Кытайдарга талаҕы ардаҕы ыҥырыы сиэригэр-туомугар тутталлара. Луо-кыылы (дракон) тула сылдьаннар, төбөлөрүгэр талах киспэтин кэтэннэр харааныгар (храм) дылы арыаллыыллара. Онно туомнара салҕанара.
Былыргы скифтэр талаҕы сиэрдэригэр-туомнарыгар эмиэ киэҥник туһаналлара.
Оттон сахаларга эриэн гына быһыллыбыт талаҕы “сата тааһын” курдук ардаҕы, тыалы-кууһу ыҥырарга тутталлара. Холобур, кыһын бурдук көтүтэр кэмнэригэр тыал тохтоотоҕуна эһэ тириитин эриэн талаҕынан таһыйа-таһыйа тыалы ыҥыраллар эбит. Эбэтэр ойуур уота турдаҕына ону умуруорарга ардаҕы түһэрэргэ эмиэ эриэн талаҕы тутталлара.
Хаҥалас нэһилиэгин Кута Чымардаах алааһыгар бэрт дьикти оҥоһуулаах кийиит сэргэтэ баар. Норуот маастара Саввинов В.И. бу сэргэни кээмэйдээн, ойуулаан ылбытынан сэргэ 2,80 см. үрдүктээх, 16 оҥо быһыы түннүктэрдээх, 2 томторолоох, үөһэ оройугар дьөлө хаһыылаах. Бу сэргэни баай Барыыһаптар ыраахтан кийиит сүктэн кэлэригэр анаан туруорбуттар.Бу сэргэ туһунан норуот ырыаһыта Осипов Н.Ф. –Чоомуут ахтыыта баар. Онно кэпсэнэринэн Чоомуут ийэтэ тииһэ ыалдьан сыҥааҕа бүтүннүү иһэн тахсыбытыгар, аҕата уолун батыһыннаран Кута Чымардаах алааска тиийэн, эриэн талаҕынан салгыҥҥа ″куус-куус″ гына охсо-охсо сэргэҕэ чугаһаан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, өрбөх кырадаһынын сэргэ түннүгэр кыбытан баран сэргэ илин өттүттэн быһах угунан, сэрэнэн, мас сыыһын ойон ылбыт уонна дьиэлэригэр тиийэн ийэлэригэр биэрбиттэрин тииһигэр ылан уктубут. Ол кэнниттэн ыарыыта уурайан, сыҥааҕа испитэ тардыбытынан барбыт. Ол аата бу туомҥа киһи улаханнык ытыктанар сэргэҕэ чугаһыырыгар суолун ыраастанарыгар эриэн талаҕы туһанна.
“Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхоҕо Кыыс Ньургун удаҕан этэ-сиинэ киртийбитигэр Айыы Айбаҥса удаҕан кыһыл талахха үс сиринэн бэлиэ быһан баран таһыйан ыраастыыр.
Онон саха талаҕы эриэн гына быһан, суоллаан баран араас сиэргэ-туомҥа туттубут аҕай суола эбит. Талах итинник бэлиэтэннэҕинэ, ап-хомуһун суолталанар диэн өйдүөхтээхпит.
Борисов Б.Б.,
К.Д. Уткин аат. Ньурбатааҕы
Норуоттар доҕордоһуулара түмэл
научнай-чинчийэр салаатын салайааччы
Тирэх литература:
- Захарова А.Е. Архаическая ритуально-обрядовая символика саха (по материалам олонхо). – Новосибирск:Наука, 2004.
- Саввинов В.И. Үйэлэри уҥуордаан. – Дьокуускай:Бичик, 2012.
- Куйаар ситимин матырыйааллара.