Федеральнай суолларга өрүстэри туоруур учаастактар хаһан сабыллаллар?

Сандал күннээх сааспыт айан-сырыы суолугар кыттыһан эрэр.  Бүлүү суолун управлениета иһитиннэрбитинэн,  Бүлүү федеральнай суолга муус устар 1 күнүттэн  Таас Үрэх  сэлиэнньэттэн (1310-с км)  Иркутскай уобалаһын Верхнемарково бөһүөлэгэр  (2146-с км)  диэри  учаастак сабыллар.

Тоҕо диэтэххэ, ити учаастакка өрөмүөн ыытыллар, буорунан көрөн сытар.  Халлаан лаппа сылыйдаҕына, тимир көлөлөр сылдьалларыгар ыарахан буолар. Онон ити диэки  барааччылар муус устар 1 күнүн иннигэр былаанныыргытыгар сүбэлииллэр.

Ону тэҕэ, муус  устар 1 күнүттэн  Бүлүү уонна Халыма федеральнай суолларга  баар өрүстэри туоруур анал учаастактар түһүмэҕинэн сабыллыахтара.  Билиҥҥи быһаарыынан,  сүрүн икки суол тустаах учаастактарынан муус устар 15 күнүгэр диэри сырыы тохтуоҕа.  Күн-дьыл туругуттан болдьох уларыйыан сөп. Учаастактарынан сырыы хаһан тохтуурун биллэрэн иһиэхпит.