«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, поэт Гаврил Андросов «Золотой Витязь» 12-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы славянскай литературнай форумҥа дипломант дьоһун аатын ылла. Бу туһунан НКИХ «Саха» иһитиннэрэр.
Гаврил Андросов поэзия хайысхатыгар бастаан уһун испииһэккэ киирэн дипломант аатын ылары ситистэ. Икки тылынан тахсыбыт «Исповедь степного генерала» диэн кинигэтэ үрдүктүк сыаналанна.
«Сүрдээх улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ кытынным. Бэйэм уонна «Чолбон» сурунаал аатыттан икки анал аакка түһэрбиппит. Сурунаал бэчээттэнэн тахсар таһаарыылар хайысхатыгар тэрийэр кэмитиэт ыҥырыытынан кытынна», — диэтэ Гаврил.
Ол курдук, «Чолбон» сурунаал Россия уонна национальнай култуура сайдыыларыгар, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны бөҕөргөтүүгэ анаан бэлиэтэнэн ситиһиилэннэ.
«Мин санаабар биһиги сурунаалбыт Россияҕа литература, култуура эйгэтигэр билиниитин иһин ыллыбыт. Сурунаалбыт 95 сылыгар сүрдээх дьоһун бэлэх оҥоһулунна диэн сыаналыыбыт, махтанабыт», — диэн Гаврил Андросов кэпсээтэ.
«Золотой Витязь» 12-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы славянскай литературнай форум Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар. Бу култуура эйгэтигэр таһымнаах тэрээһин биллэр. Холобур, быйыл «Драма» хайысхаҕа аан дойдуга аатырбыт режиссер Никита Михалков лауреат аатын ылла.