Горнайтан төрүттээх Нам олохтоохторугар биир дойдулаахтара көмөлөһөллөр

Бу күннэргэ Нам улууһун айылҕа иэдээниттэн эмсэҕэлээбит дьонугар-сэргэтигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бөхтөн-сыыстан ыраастааһын үлэтигэр көхтөөхтүк көмөлөһөллөр.

Горнай улууһун землячествотын салайааччыта Надежда Федорова халааҥҥа эмсэҕэлээбит Нам улууһун нэһилиэктэрин дьонугар-сэргэтигэр туох көмө оҥоһулларын маннык билиһиннэрдэ:

— Бу күннэргэ «Горнай түмсүү» уопсастыбаннай тэрилтэтэ биир дойдулаахтарыгар көмө буолан, Нам улууһугар иэдээнҥэ түбэспит дьоннорун чуолкайдыыр үлэни ыыта сылдьар. Түмсүү бырабылыанньата Дьокуускай куоракка олорор  горнайдарга харчынан көмө оҥороллоругар ыҥырыы таһаарбыта. Бу күннэргэ Нам улууһугар олорор Горнайтан төрүттээх биэс биир дойдулаахтарбытын булан, кинилэри кытта ыкса сибээс олохтоотубут, өссө чуолкайдааһын үлэтэ бара турар. Улуус баһылыга Никита Андреев  Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка горнайдар ааттарыттан көмө харчы туттарда уонна улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ Хатырык нэһилиэгэр ыраастаныы үлэтигэр  көмөлөстүлэр. Маҕаны нэһилиэгиттэн төрүттээх Ульяна Куличкинаҕа (Антонова), Октябрьскай нэһилиэгиттэн төрүттээх эдэр ыал аҕа баһылыга Алексей Павловка көмөлөһөн,  ыраастааһыҥҥа үлэлээтилэр.

Малтааны нэһилиэгиттэн төрүттээх Светлана Винокурова (Максимова) дьиэтин ыраастааһыҥҥа “Молодая гвардия” ыччат хамсааһыныгар сылдьар уолаттар көмөстүлэр. Кинилэр ортолоругар икки уол – горнайдар.  Дьиэлээх хаһаайка кинини биир дойдулаахтара умнубакка, Горнайын дьоно бу улахан иэдээнҥэ көмө буола сылдьалларыгар махталын тиэртэ.  Идээҥҥэ түбэспит дьоммут ”ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” диэн саха өһүн хоһооно бу маннык түгэни бэлиэтэээҕэ диэн этэллэр.

Нам улууһун олохтоохторугар Горнай улууһун дьоно-сэргэтэ араас хайысхалаах үлэни өссө да ыыта туруоҕа.

ТАР5АТ: