Грузияҕа тоҕо миитиҥҥэ таҕыстылар?

Грузияҕа олохтоох парламент ыам ыйын 1 күнүгэр тас дойдуттан үбүлэнэр тэрилтэлэр испииһэктэрин оҥоруу туһунан сокуон барылын иккис ааҕыытынан ылыммыта. Омос көрдөххө, манна киһи баардылыыра суохха дылы эрээри, миэстэтигэр дьон-сэргэ икки өттүттэн миитиҥҥэ тахсыталыыр. Бу соторутааҕыта киин куораттарыгар – Тбилисигэ улахан айдаан тахсан, бэрээдэги көрөөччүлэр хас да киһини тутарга күһэллибиттэрэ. Ити айдааннар дьиҥ төрдүлэрэ-төбөлөрө туохханый?

Саҥа систиэмэ уонна Европа

Бастатан туран, Грузияҕа улахан быыбардар буолаа­ры туралларын этэн аһарыым. Быйыл күһүн Грузия Өрөспүүбүлүкэтигэр парламент уонна бэрэсидьиэн быыбара ыытыллыахтаахтар. Балар уратылара диэн, дойду Төрүт Сокуонугар уларытыылар киирэннэр, Грузия дойдуну салайыныытыгар парламент систиэмэтигэр көһөн, бэрэсидьиэннэрин быһаччы куолас­таан талыылара тохтоон, судаа­рыстыба аны олоччу парламент илиитигэр киириэхтээх, бэрэсидьиэннэрин боломуочуйата уларыйан биэриэхтээх. Дойдуларын салайааччытын аны, Америка Холбоһуктаах Штаттарын систиэмэтин курдук, быыбардыыр кэллиэгийэ талыахтаах. Грузиннар бүтэһигин бэрэсидьиэннэрин быһаччы куоластаан 2018 сыллаахха талбыттара.

Ити сыл быыбарга өр сылларга Францияҕа үлэлээбит Саломе Зурабишвили диэн бэлиитик бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Кини хара маҥнайгыттан Европа диэки охтон, Арассыыйаны утары туран, бэрэсидьиэнинэн талыллаат, Арассыыйаны кытары туох баар сыһыаны барытын тохтоппута. Ону ааһан, 2022 сыллаахха Грузия Европа сойуу­һугар уонна НАТО-ҕа киириэн наада диэн билигин Европа сойууһугар киирэргэ Грузия хандьыдаат буолан турар. Манна санатан этиим, Грузия Арассыыйаны, Азербайджаны, Арменияны, Турцияны кытары кыраныыссалаһар, Европа, Азия кир­биилэригэр сытар буолан, Хара муораҕа тахсар биир стратегическэй суолталаах дойду буолар.

Оттон парламент быыбарын туһунан эттэххэ, манна эмиэ уларыйыылар киирэннэр, быйылгы быыбар пропорциональнай систиэмэнэн барыахтаах. Ол эбэтэр быыбарга хайа баартыйа кыайар да соччонон парламеҥҥа элбэх миэс­тэни ылыахтаах. Билигин дойдуну салайан олорор “Грузинская мечта” баартыйа парламеҥҥа 150-тан кырата 113 ылар былааннаах. Күн бүгүн парламеҥҥа 75 миэстэни ылан олорор. Баартыйа бэ­­рэссэдээтэлэ Ираклий Кобахидзе Грузия премьер-миниистиринэн талыллыбыта. Дьиҥэр, 2018 сыл­лааҕы быыбарга баартыйа Саломе Зурабишвилини өйөөбүтэ эрээри, кэлин бэрэсидьиэн уонна парламент атыр­дьах маһыныы арахсан олороллор. Ама кэмҥэ ити баҕар ааһыа эбит да, үөһээ этэн аһарбытым курдук, Грузия Европа сойууһугар киирээри бэлэмнэнэр кэмэ буолан, хас биирдии хаамыыларын икки өттүттэн ыйааһын бэскитигэр уураллар.

Сокуон туһунан

Өскөтүн парламент былырыын кыһын бэрэсидьиэни дуоһунаһыттан устарга кыайан сокуону ылымматах буоллаҕына, бу сырыыга парламентарийдар бэ­­рэсидьиэн утары биир улахан сокуону ылынан эрэллэр.
Ыам ыйын 1 күнүгэр парламент “Тас дойдулар сабыдыаллааһыннарын дьэҥкэрдии туһунан” диэн сокуон барылын иккис ааҕыытынан ылыммыта. Парламент мунньаҕар сокуон барылыгар 83 дьокутаат куоластаабыта, 23 киһи утарбыта. Бу сокуон сүнньэ тугуй диэтэххэ, бырабыыталыстыбаҕа киирсибэт тэрилтэлэр, информацияны киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр, сокуон барылынан, өскөтүн дохуоттарыгар тас дойдуттан киирэр үбүлээһиннэрэ сүүрбэ бырыһыантан үрдүк буоллаҕына, тэрилтэ “тас дойдуттан сабыдыаллатар ааҕын” быһыытынан бэйэтин регистрацияланыахтаах. Атыннык эттэххэ, анал испииһэккэ киириэхтээх уонна сылын аайы дохуотун отчуоттаан декларация түһэ­риэхтээх.

Парламент бу сокуону тоҕо ылынна? Тас дойдулар ааҕыннарын туһунан сокуону ылыныахха наадатын парламент өссө былырыын көтөхпүтэ. Ол эрээри былырыын нэһи­лиэнньэ өрө туран, бэрэсидьиэн утаран, бу сокуон барыла тохтотуллубута. Сокуону хат көрүү быйыл муус устарга саҕаламмыта. Парламент бастакы мунньаҕар баартыйалар бэ­­йэ-бэйэлэрин кытары айдаарсан барбыттара. Ол түмүгэр уулуссаҕа миитиннэр саҕаламмыттара. Ол да буоллар, муус устар 17 күнүгэр парламент сокуон барылын бастакы ааҕыытынан ылыммыта. Онтон муус устар 29 күнүгэр иккис ааҕыыта ааспыта. Санатан этиим, Грузия Европа сойууһугар киирэригэр биир түһүмэҕинэн эйгэлэринэн көрөн бэйэтин сокуоннарын аһан, уларытан (либерализация) биэриэхтээҕэ. Салайар баартыйа этэринэн, бу тахсар сокуон дойду суверенитетын, хантан да, кимтэн да тутулуга суох көҥүл буоларын хааччы­йыахтаах, тас дойдуттан ороо­һууну тохтотуохтаах.

Ол эрээри бу сокуону утарааччылар бэлиэтииллэринэн, Грузия “иноагеннар” тустарынан сокуону ылынан, Европа сойууһугар киирэрин хас да хардыынан ыраатыннаран биэрэр, өссө эбии­тин бу боппуруостан тэ­­йитэр. Ону ааһан үгүстэр бу со­­куон барыла Арассыыйа ылыммыт сокуонугар үүт-маас майгылыыр диэн этэллэр. Даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа маннык хабааннаах сокуон 2022 сыллаахха ылыныллыбыта. Судаарыстыбаннай Дуума бэ­­рэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтииринэн, бу сокуону утарааччылар бэйэлэрин дойдуларын буолбакка, тастан киирии күүстэри өйүүллэр. “Грузинская мечта” баартыйа урукку бэрэссэдээтэлэ Бидзина Иванишвили эмиэ итинник санаалаах. “Грузия 2004-2012 сыллардаахха, салалтатын бэйэтэ талбат, тастан дьаһалла олорор кэмигэр, олус уустук этэ. Грузия уонна Украина Евросойууска “оонньуурдар” эрэ. 2008 сыллаахха Грузияны Арассыыйаҕа утары туруорбуттара, билигин Украинанан киирдилэр. Грузияҕа иккис фронт арыйа сатаабыттара да кыаллыбатаҕа, кыаллыа да суоҕа”, – диэн эппитэ баар.

Онон бу да хардыынан сылыктаатахха, Грузияҕа кэлэр быыбардар олус тыҥааһыннаах буолар чинчилээхтэр.

ТАР5АТ: