Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын уонна Хаҥалас улууһун кыраныыссатыгар киирии оҥоһууну сөргүтэн оҥоруу үлэтэ түмүктэннэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бырайыак олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама чэрчитинэн олоххо киирдэ, сыаната үс мөллүйүөҥҥэ тэҥнэстэ.
«Кыраныыссаны тупсаран оҥоруу — кэм ирдэбилэ, бырагыраама көмөтүнэн олоххо киирдэ. Субсидия кээмэйэ балтараа мөлүйүөн, улуус үбүлээһинэ эмиэ оччо, нэһилиэнньэ 45 тыһыынча солкуобай бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Бырайыактааһын, ороскуоту ааҕыы докумуоннарын оҥордулар уонна тутууга аукцион ыыттылар. Бэдэрээтчитинэн «Ректайм» ХЭУо буолла, хантыраак олохтоммута», — диэн Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев кэпсээтэ.
Стеланы алюминий матырыйаалынан оҥордулар. Улууска киириигэ Эркээни хочото көстөр, мантан хаҥаластар, саха норуотун историята саҕаламмыта. Бу туһунан композицияҕа ойууланан суруллубут.
Ыалдьыттарга анаан санитарнай сири, ыскамыайкалары, бөх быраҕар баахтары уонна күөх балаһаны оҥордулар, стела сиригэр билиитэ уурдулар.