Хаартыска: Дьокуускай киин уулуссаларын аспаалынан бүрүйүү саҕаланна

Дьокуускайга атырдьах ыйын 7 күнүн түүнүгэр суол оҥорооччулар Курашов уулуссатыттан Орджоникидзе болуоссакка диэри суол учаастагын аспаалынан бүрүйэн саҕалаатылар. Бу туһунан киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Бу сыл муус устарыгар СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр барыта 257 км суол оҥоһуллуохтаах. Киин куоракка быйыл 34,6 км суол өрөмүөннэнэрэ былааннаммыт эбит. Бу сыалларга 2,8 млрд солкуобай үп көрүллүбүт.

Дьокуускай куорат саайтыгар сурулларынан, суол оҥоһуутун хаачыстыбатыгар уонна үлэ болдьоҕор бэдэрээттиир тэрилтэлэр эппиэттииллэр, сакаасчытынан куорат «Главстрой» тэрилтэтэ буолар. Суолу тутар-мантаастыыр үлэ сүрүнэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри, оттон улахан эбийиэктэргэ алтынньыга диэри түмүктэниэхтээх.

Хаартыскалар — Евгений Григорьев Телеграм-ханаалыттан.