Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө төлөбүрэ үрдүөҕэ

Чэппиэргэ бырабыыталыстыбаҕа ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр хамыыһыйа мунньахтаата. Айсен Николаев халаантан уонна да атын айылҕа алдьатыыларыттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө төлөбүрүн кээмэйин үрдэтэргэ сорудахтаата.

Ил Дархан бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Айылҕа алдьархайыттан баайдарын-дуолларын сүтэрбит дьоҥҥо көмө төлөбүрэ 2017 сылтан индексациялана илик.

— Кылгас кэмҥэ бу боппуруоһу быһаараргытыгар көдөһөбүн. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьон көмө төлөбүрдэри үрдээбит кээмэйинэн ылыахтаахтар, — диэн кини эттэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир киһиэхэ материальнай көмө кээмэйэ — 5 тыһыынча солкуобай, саамай наадалаах баайы-дуолу сүтэриигэ үбүнэн көмө — 20 тыһыынча солкуобайга диэри (барытын сүтэрбиккэ — 20 тыһыыча солкуобай, сороҕун — 10 тыһыынча солкуобай). 

Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Евгений Перфильев иһитиннэрбитинэн, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьон ахсаана 3384 киһиэхэ тэҥнэстэ.  Кинилэр «Госуслуги» порталга сайабылыанньаларын биэрэ олороллор. Бүгүҥҥү күҥҥэ 1925 сайабылыанньа киирдэ.

Маны тэҥэ, мунньахха Ил Дархан эбийиэктэр төһө эмсэҕэлээбиттэрин барыллаан ааҕыыны түмүктүүргэ соруйда. Барыллаан ааҕыы быһыытынан, билиҥҥитэ энэргиэтикэҕэ хоромньу — 57 мөлүйүөн солкуобай, хомунаалынай комплекска — 48 мөлүйүөн, суолларга — 70 мөлүйүөн, тыа хаһаайыстыбатыгар — 67 мөлүйүөн солкуобай. Хоромньуну ааҕыы салҕанар.

Мунньахха Нам, Өлүөхүмэ улуустарыгар чөлүгэр түһэрии үлэтин, субуотунньуктары тэрийии, оҕолор сынньалаҥнара, мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу, эминэн хааччыйыы туһунан боппуруостары көрдүлэр.

Ыам ыйын 20 күнүттэн Ил Дархан Ыйааҕынан, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. 

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

ТАР5АТ: