Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһөргө 891 сайабылыанньа киирдэ

Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар халаантан эмсэҕэлээбит дьонтон  сайабылыанньалар салгыы киирэллэр. Барыта итинник 891 сайабылыанньа киирбитин туһунан СӨ Экологияҕа министиэристибэтин ууга сыһыаннаһыыга уонна экологияны сырдатыыга департаменын салайааччы Зинаида Васильева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Сайабылыанньаны  халаан содулунан баайы-дуолу сүтэриинэн сибээстээн, биир кэмнээх  матырыйаалынай, үбүнэн көмөҕө наадыйааччылар суруйаллар.

«Ыам ыйын 23 күнүнээҕи туругунан,  891 сайабылыанньа ылыллыбытыттан биир кэлим матырыйаалынай көмөҕө – 461, үбүнэн көмөҕө 430 сайабылыанньа”, — диэн иһитиннэрдэ салайааччы.

Халаантан Нам улууһугар 2 566, Өлүөхүмэ улууһугар – 502, Ньурба улууһугар   29 киһи эмсэҕэлээтэ.

Спикер ону таһынан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар гидрология балаһыанньатын билиһиннэрдэ.

Муус Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэргэ салгыы устар. Эдьигээн уонна Кэбээйи улуустарыгар күүскэ бара турар.

Дьааҥы уонна Халыма өрүстэргэ муус барар. Чугастааҕы күннэргэ Уус Ньара таһынан Индигир өрүс эстэрэ  күүтүллэр.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев ыйааҕынан, халаанынан сибээстээн, Саха сиригэр ыам ыйын 20 күнүттэн ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ киллэриллибитэ. Эрэгийиэн бырабыыталыстыбатыгар нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай уонна матырыйаалынай көмөнү оҥорууга дьаһаллары ыларга сорудахтаммыта.

ТАР5АТ: