Халаантан эмсэҕэлээччилэргэ сүөһүнэн көмөлөһөн эрэллэр

Айылҕа иэдээнигэр түбэспит Нам улууһун олохтоохторугар  улуус нэһилиэктэрин уонна араас улуустар хаһаайыстыбалара араас хайысхалаах көмөнү оҥороллор.

Ол курдук, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров иһитиннэрбитинэн, Бөтүҥтэн Н.И. Попова 10 төбө ыанар ынаҕы кытта ЗЦМ (заменитель цельного молока), «Борохой» ТХПК — 100 тыһыынча солкуобайы, Үөдэйтэн  В.И. Бережнева — 2 төбө ыанар ынаҕы, 5 куул ЗЦМ (заменитель цельного молока), 10 тн от, 14 куул комбикорм, «Эрэл» ТХПК — 20 куул комбикорм, 3 тн хортуоппуй, 100 кг ынах арыыта, Партизан нэһилиэгиттэн: С.С. Терешкин — 3 төбө ыанар ынах, С.С. Иванов — 2 ыанар ынах, 2 ньирэй, Арбынтан П.Е. Бугаев — 2 төбө ынах сүөһү, 0,5 тн уматык, 2-кы Хомустаахтан Ф.Ф. Ядреев  — 10 тн от, 1 тиҥэһэ, Партизантан бырааттыы Баишевтар — биирдии ынах, У.И. Зырянова — 1 ынах уо.д.а. хаһаайыстыбалаах дьон биир дойдулаахтарыгар араас көмөнү утары ууннулар.

Партизантан ыанар ынаҕынан көмөлөспүт Петр Баишев  кэргэнэ  Екатерина Москвитина санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Сыл аайы халааҥҥа ылларар буолан, хайдах эрдэттэн дьаһаналларын туһунан Екатерина Васильевна маннык кэпсиир:

Екатерина Москвитина халааҥҥа эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бэйэтин санаатын маннык тиэртэ:

Маны тэҥэ, Амма улууһун 7 тэрээһиннээх хаһаайыстыбата, 23 Бааһынай хаһаайыстыба, «Амма» соҕотупкалыыр киин 12 төбө тиҥэһэни, 18 ньирэйи, 1 тҥ сиэмэ хортуоппуйу, 2 тн бурдугу уонна комбикорму, 200 кг сиир арыыны биэрдилэр.

Ити курдук, айылҕа иэдээнигэр түбэспит Нам улууһун олохтоохторугар дьоһуннаах көмө оҥоһулла турар.

ТАР5АТ: