Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, буола турар анал байыаннай дьайыыга кыайыыны уһансыы чиэһигэр, ону тэҥэ Таатта дьоно-сэргэтэ кэлэр Манчаары оонньууларыгар биир санаанан салайтаран, күүстээхтик кыайыыга дьулуһарга түмсэрин туһугар быһаарыы ылыллыбыта. Сыл сүрүн сыала-соруга — олохтоохтор уонна кэнчээри ыччаппыт дьулуурдаах, биир сүрүннээх, норуотугар бэриниилээх, күүстээх санаалаах буола улааталларыгар тулалыыр эйгэҕэ кэрэхсэбили, дойдуларыгар тапталы иҥэрии. Кыайыы сыла — барыбытыгар дьоһун бэлиэ буолуоҕа, норуоппут сайдыытыгар көмөлөһүө диэн бигэ эрэллээхпит.
Источник: https://t.me/taattagazeta/27144