Хас биирдии ыал дьиэ кыылын иитии быраабылатын толору тутуһуохтаах, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах!

Бу дьыл сэтинньи 13 күнүн туругунан Нам улууһун үрдүнэн 25 киһи, ол иһигэр 17 оҕо ыкка ытыттаран балыыһаҕа суһал көмөҕө наадыйан көрдөрүммүт.
Мантан 18 — һа бэйдиэ сылдьар, 7- тэ хаһаайыннаах ыттар содулларыттан.
Бу туһунан Намнааҕы киин поликлиника сэбиэдиссэйэ Екатерина Бубякина иһитиннэрдэ. Екатерина Николаевна:
— Ыкка ытыттаран балыыһаҕа көрдөрүммүт дьон толору тустаах медицинскэй көмөнү уонна ииримтийии утары быһыы ылбыттара – диэтэ.
Бу – балыыһаҕа көрдөрүммүт киһи ахсаана. Сорох дьон быраас көмөтүгэр наадыйбатах буолуохтарын эмиэ сөп.

Источник: https://t.me/namskiyulus/47082

ТАР5АТ: