ХИФУ доцена Светлана Желобцова Кирилл уонна Мефодий аатынан бириэмийэнэн наҕараадаланна

Кирилл уонна Мефодий аатынан, төрөөбүт тылы үөрэтии, харыстааһын уонна сайыннарыы эйгэтигэр Ил Дархан бириэмийэтэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэт учуонайыгар Светлана Желобцоваҕа ананна. Бу туһунан үрдүк үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Наҕарааданы Саха сирин элбэх омуктаах норуотун сайдыытыгар славяннар суруктарын-бичиктэрин уонна култуураларын, духуобунаһы уонна сиэри-майгыны, биир сомоҕо буолууну сайыннарыыга кылаатын иһин филологическай факультет доценыгар туттардылар.

«Бу үнүбэрсиэккэ профессор Николай Самсонов олохтообут филологическай кыаҕы, үлэ чыпчаалын билинии бэлиэтэ. Дьону-сэргэни култуураҕа, нуучча тылыгар уонна литератураҕа олоҕуран сомоҕолооһун үтүө үгэһэ салҕанан бара турар. Үнүбэрсиэт салалтата үгэһи өйүүрэ кэрэхсэбиллээх», – диэтэ Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэт филологическай факультетын 20-с үйэтээҕи нуучча литературатын уонна литература теориятын кафедратын доцена.

Светлана Желобцова 2013 сыллаахха кафедраҕа базатыгар тэриллибит «Литературный Якутск» сырдатар бырайыагы салайар. Бырайыак чэрчитинэн, оптуобуһунан экскурсиялар оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга буолаллар. Онно 20-с үйэ поэттарын – Иосиф Бродскайы, Сергей Михалкову, Евгений Евтушенконы, Андрей Вознесенскайы, Валентина Распутинаны кытта билсэллэр.

«Биһиги Дьокуускайы литературнай өттүнэн көрдөрөбүт, сорох биллэр суруйааччылар олохторугар суолу-ииһи хаалларбытын туһунан кэпсиибит. Ону тэҥэ маршруттарбытыгар Россия суруйааччыта, Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтин бүтэрбит Андрей Геласимов «Холод» романын топонимическай символларын билиһиннэрэбит. 19-с үйэ нуучча суруйааччы-демократтарын Саха сирин сыылкатыгар анаммыт устудьуоннар уонна магистраннар мультимедийнэй бырайыактара аан дойдутааҕы конференцияларга дипломунан наҕараадаланалларын бэлиэтиэххэ наада», — диэн учуонай санаатын үллэһиннэ.

Араас сылларга өрөспүүбүлүкэ баһылыгын бириэмийэтин хаһаайыннарынан , норуот духуобунай култууратын убаастыырга, үүнэр көлүөнэҕэ омуктар икки ардыларыгар сыһыаннаһыыны иитиигэ, нэһилиэнньэ үөрэҕириитин таһымын үрдэтиигэ кылааттарын киллэрбит учуонайдар уонна чинчийээччилэр буолаллар.