Хомуһу тардыы ньымата | САХА ЭТИГЭН ТЫЛА

Былыргылыы сыыйа тардыы

Дьүрүһүйэ оонньуур хомуспут барахсан кэлэр кэрэ кэмнэргэ, үүнүөтээх үтүө үйэлэргэ чугдаара туойарыгар, саха барахсаны саха дэтэригэр кэскиллээх үлэ бэлэмнээхтик ыытыллар. Бүлүүлүү сыыйа тардыы ньыматыгар уһуйааччы, Бүлүүтээҕи «Алгыс» КК уус-уран салайааччыта Августина Евсееваны кытта бу ньыма уратытын туһунан кэпсэттибит:

– Билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр И.Е.Алексеев–Хомус Уйбаан сыыйа тардыы Бүлүүттэн төрүттээҕин бигэргэппитэ. Бу сыыйа тардыыны биһиги аан дойдуга тиийэ биллибит кырдьаҕас хомусчуттарбыт ыччакка үөрэтэргэ улаханнык көмөлөстүлэр. Онон былыргы Бүлүүлүү сыыйа тардыы хат эргилиннэ, саҥа тыыннанна. Сыыйа тардан оонньуурга тыыҥҥын сыыйа уһаттар уһатан, тойуккун кэҥэттэр кэҥэтэн иһэҕин. Хомуһу тардааччы тугу санаабытын тойук оҥорон, дорҕооннохтук туойар, сэһэн оҥорон сиһилии кэпсиир. Ол аата сыыйа тардыы диэн хомусчут дууһата тугу диирин хомус нөҥүө тойук тыла иһиллэр гына туойара буолар. Илиинэн хардары-таары тардан, бэйэ-бэйэни хоһуйсан, аргыый аҕай наллаан тардыллар. И.Е.Алексеев 1969 с. «Мелодия» фирмаҕа суруллубут грампластинкатын оҕолорго үөрэтээрибит СD оҥорон таһаардыбыт. Оччолорго хомус тардыытын үөрэҕин саҕалыыр ис хоһоонноох грампластинканы режиссер Г.П.Любимов суруйбута. Бу СD-гэ хомус тардыытын 14 ньымата, 8 айымньы урут хайдах сурллубутунан киирдэ. Киэҥник тарҕаммыт «күөрэгэйдэтиини», «хаастатыыны» сэргэ И.Е.Алексеев бэйэтэ чочуйбут ньымалара хомуска оонньуурга үөрэтэргэ үөрэнээччилэргэ улахан көмөлөөх буоллула

Хомуска оонньуур ньымалар

– Сүрүн дорҕоон – айах иһигэр саҥа уорганнара тыҥааһына, хамсааһына суох туруктарыгар хомус тылын таарыйдахха үөскүүр дорҕоон. Ол курдук И.Е.Алексеев маннык ньымалар баалларын бэлиэтиир:
1. Хаастатыы – тыл төбөтүн миилэҕэ, таҥалай араас өттүгэр тус-туспа тэтимнээхтик таарыйталаатахха үөскүүр дорҕоон.
2. Күөрэгэйдэтии – тыл сүнньүн (куорпуһун) айах иһигэр ханна да таарыйбакка сырыынньа илигирэттэххэ үөскүүр
3. Дьүрүһүтүү – тыл кэлин өттө уонна сымнаҕас таҥалай олбу-солбу тэтимнээхтик хамсааһыныттан үөскүүр.
4. Бэлэс хамсатыыта _ бэлэс түмүллэ түһэ-түһэ аһыллыытыгар дьүөрэлээн, айах иһигэр тыл атын-атын хамсааһыныгар үөскүүр дорҕоон.
5. Уос хамсатыыта – хомус тылын хамсааһынын уоһунан сабан-арыйан биэрииттэн үөскүүр дорҕоон.
7. Үрдүк дорҕоон – айах көҥдөйүн муҥутуур кыараттахха үөскүүр.
8. Көҥкөлөй – айах иһин, бэлэһи муҥутуур кэҥэтэ туттахха үөскүүр.
9. Табыгыр —хомус тылын хамсааһынын уоһунан, хаҥас илии тарбахтарынан хаайа тутан араас дорҕоону үөскэтии.
10. Эҕирийии (эҕирим) — хомус тардарга салгыны түргэнник /бытааннык/ эҕирийтэлээн дорҕоону үөскэтии.
11. Тардыы көрүҥнэрэ:
1) наар тардыы – уҥа илии сөмүйэтинэн хомус эминньэҕин илин өттүттэн араас тэтимнээхтик тардан дорҕоону үөскэтии;
2) хардарыта тардыы – уҥа илии сөмүйэтинэн хомус эминньэҕин илин, кэлин өттүнэн таарыйталаан дорҕоону үөскэтии;
3) араас тардыы – уҥа илии бары тарбахтарын уларыта сылдьан, хомус эминньэҕин түргэнник/бытааннык, күүскэ/мөлтөхтүк таарыйталаан дорҕоону үөскэтии.
12. Хос дорҕоон – айах, мурун көҥдөйдөрүнэн тыыныыны тохтотон ыла-ыла, бэлэһи күүскэ тыҥатан баран, хомус эминньэҕин таарыйталаатахха үөскүүр дорҕоон.
Хомус тардыытын ити ньымаларын туһанан Иван Алексеев тута хоһуйуу, сыыйа тардыы истииллэринэн, норуот матыыптарынан дьүһүйүүлэри суруйтарбыта.

Ангелина КУЗЬМИНА.

ТАР5АТ: