Хомус сахаларга эрэ буолбакка, бары норуокка угустук тарҕаммыт мусукаалынай үнүстүрүмүөн буолар. Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут норуот суох. Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуола IX “В” кылааһын оҕолоро орто сүһүөхтэн саҕалаан, хомуска оонньууллар.
Оҕолор оскуолаҕа араас тэрээһиннэргэ, кэнсиэрдэргэ эбэтэр ыалдьыттарга хомус тыаһын иһитиннэрэн бэлэхтииллэр. Сахалыы ырыалары тыаһаталлар. Уолаттар бу бөлөххө – сүрүн оонньооччулар. Үөрэнээччилэр араас күрэскэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Карина Бурцева кыра сылдьан оҕо хомуска оонньуурун телевизорга көрөн олус сөхпүт, кинилэр курдук хомус тардыан баҕарбыт.
«Мин бу үнүстүрүмүөҥҥэ бастаан бэйэм оонньуурга холоммутум. Кылааспыт иһигэр “Дьүрүһүй” диэн ансаамбыллаахпыт. Онно Таисия Егоровна Кулакина дьарыктыыр. Ат туйаҕын, таммах тыаһын таһаарабын, сыыйа тардары сатыыбын. Күрэхтэргэ оҕолору көрөн, истэн элбэххэ үөрэнэбин. Хомус миигин дьоллуур, настарыанньабын көтөҕөр. Хомус нөҥүө санаабын этэбин, дьоҥҥо үтүөнү бэлэхтиибин», — диэн үөрэнээччи кэпсээтэ.
Витя Тихонов бастаан хомус туһунан тугу даҕаны билбэт эбит. Кылааһа хомус туһунан халандаар оҥорор буолбутугар уол элбэх сонун иһитиннэриилэри булбут.
«Интернекка хомус туһунан иһитиннэрии олус аҕыйах. Ол иһин библиэтиэкэҕэ барбытым. Эргэ кинигэлэри көрөн элбэҕи булбутум. Архыыптары хасыһан, чопчу хоруйдары булуохха сөп эбит. Сорох хомусчуттары кытта “Instagram” көмөтүнэн сибээскэ тахсыбытым. Хомуһу кытта хайдах билсиспиттэрин, бу үнүстүрүмүөн кинилэри холку буоларга үөрэппитин билбитим», — диэтэ уол.
Кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччыта, төрөппүттэрэ хомус туһунан истиэнэҕэ ыйанар, саҥа күн аайы биирдии лииһинэн быһыллар халандаар бырайыагын үлэлэтэллэр.
Манна импровизатор-хомусчуттар, виртуоз-хомусчуттар, омук хомусчтуттарын уонна хомустарын туһунан, хомус ансаамбылларын, музейдарын, хомус туһунан саха суруйааччылара суруйбут айымньыларын хас биирдии үөрэнээччи үс тылынан – сахалыы, нууччалыы, английскайдыы оҥорбут.