Хоту улуустар чэпчэтиилээх билиэтинэн туһаналлар

Олунньу 9 күнэ – Арассыыйа үрдүнэн Гражданскай авиация үлэһиттэрин күнэ. Авиация күнүн таарыйбычча, хоту улуустарга көтүү туһунан сырдатарга сананныбыт. Бары бэркэ диэн билэбит, ити улуустарга көтүү сыаната ыараханын. Холобур, Орто Халымаҕа аҥаардас биир өттүгэр көтүү 30 тыһыынча солк. кэриҥэ. Ол эрээри, бу сыана билигин уларыйда.

Былырыын ахсынньыга Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттарыгар Анал этиитигэр хоту улуустарга көтүү сыаната чэпчиэхтээҕин уонна онно аналлаах сөптөөх дьаһаллар ылылыннылар диэн эппитин нэһилиэнньэ үөрэ истибитэ. Ити боппуруоһу быһаарарга өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүттэн анал субсидия көрүлүннэ. Холобур, Белай Гораттан Дьокуускайга диэри 30 тыһыынча солк. төлөөн көтөр буоллахтарына, быйыл сыаната 13-14 тыһыынча солк. диэри түспүт. Субсидиялаах билиэттэр атыыга былырыын ахсынньы бүтүүтэ тахсыбыттара. Санатар буоллахха, өрүспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар эриэйсэлэри “Полярные авиалинии” хампаанньа оҥорор. Бу чэпчэтиилээх билиэттэри Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Аллараа Халыма, Эдьигээн, Муома, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыгар олороллорун туоһулуур бырапыыска­лаах эрэ дьон туһаналлар. Ол эбэтэр пааспардарын кэтэҕэр ону туоһулуур бэчээт турар буолуохтаах.

СУБСИДИЯЛААХ БИЛИЭТ СЫАНАТА ТӨҺӨ БУОЛЛА?

Тустаах хотугу улуустарга субсидиялаах билиэт сыанатын СӨ Тырааныспарын уонна суол ха­­һаайыстыбатын ми­­нистиэристибэтэ былырыын ахсынньы 24 күнүгэр (ОД-424-с №-дээх бирикээс) бигэргэппитэ. Дьиҥэр, бу иннинэ чэпчэ­тиилээх субсидия баар этэ эрээри, ол ирдэбилэ атын этэ. Холобур, 23-гэр диэри саастаах эдэр дьон уонна 55-тэн аҕа саастаах биэнсийэлээхтэр эрэ туһанар бы­­рааптаахтара. Билигин бу улары­йан, сааһынан хааччахтааһын суох буолла.

ХОТУГУ СИРГЭ ҮЛЭЛИИР СОҔОТОХ ХАМПААННЬА

Гражданскай авиация үлэһиттэрин күнүнэн  “Полярные авиалинии” хам­паанньа ааспыт сыллааҕы үлэтин кытта билсиэҕиҥ.

Ааспыт сыл усталаах-туоратыгар төһө даҕаны коронавирус дьаҥа бүрүүкээбитин үрдүнэн “Полярные авиалинии” хам­паанньа бигэ туруктааҕын толору итэҕэттэ. Ыарахан кэмнэр сатыылаан тураллар диэн самнан хаалбакка, өссө күүскэ үлэлээбиттэрин түмүгэр, 20 тыһыынча чаас кэриҥэ көтүү оҥоһуллубут, бу 2020 сыллааҕар 1,2 төгүл уонна 2019 сыллааҕар 22%-нан элбэх. Үрдүк кирбиини ылыы, биллэн турар, көтүүнү элбэтииттэн уонна көтүү араспысаанньатын эрдэттэн үчүгэйдик аттаран оҥорууттан тутулуктаммыт. Маҥнайгы уочаратынан дьон олоҕор, до­­руобуйатыгар ыкса сыһыаннаах санитарнай эриэйсэлэри кэмигэр уталыппакка уонна ону тэҥэ, ойуур баһаарын умуруорууга элбэх көтүүнү оҥорбуттар.

Хампаанньа 2020 сыллаахха көтөр ааллары көтүтүүтэ биллэр төрүөтүнэн мөлтүү сылдьыбытын 2021 сылга чөлүгэр түһэрэри ситиһэн, барыта 128 тыһыынчаттан тахса пассажиры тиэйбит. Ол эбэтэр, 2020 сыллааҕар 19,5%-нан элбэх киһини улуустарга таспыт, сыыппараҕа таһаардахха, 21 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Ити кирбиини ситиһэригэр сүрүн төһүү күүһүнэн «Үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтии уонна үлэлээх буолууну өйөөһүн» диэн национальнай бырайыак буолар. Тэрилтэ тустаах бырагыраамаҕа 2020 сылтан кыттыбыта.

Ааспыт сыллааҕы көрдөрүү түмүгүнэн (РФ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин анал ааҕар ньымата туһаныллан) хампаанньа оҥорон таһаарыытын индексэтэ биллэрдик улааппыт, ону тэҥэ, үлэһиттэрин ахсаана эбиллибит. Итини сэргэ, тэрилтэ 2021 сылга килийиэннэри кытта ситимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлииргэ аналлаах электроннай CRM-систиэмэни уонна таһаҕаһы электроннай боруонньууру баһы­лаабыта.

СӨ Бырабыыталыстыбатын быһаччы өйөбүлүнэн бүддьүөттэн 400 мөлүйүөн солк. кирэ­дьиит ылан, ону ыраах сытар хотугу уонна Арктика улуустарыгар уматыгы атыылаһан тиэрдиигэ туһаммыта. Ол курдук, Санкт-Петербурдааҕы табаарынай-­сырьевой биржаттан 7 тыһыынча туонна авиа-уматык атыылаһыллыбытын түмүгэр, тустаах үлэни толорууга 58 мөлүйүөн солк. ночоот тахсыбата ситиһиллибит.

Икки “Бомбардье” сөмө­лүөтү атыылаһарга уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн социальнай суолталаах маршруттарга сыл аайы субсидияны көрөргө анаан СӨ Бырабыыталыстыбатын анал дьаһалынан уопсастыба устааптаах хапытаала улаатыннарыллыбыт. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы өйөбүлүнэн Jione Financial Service Co, LTD диэн Дьоппуон хампаанньатыттан икки “Бомбардьены” өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үбүнэн атыылаһыллыбыт уонна инники өттүгэр көтөр ааллар авиахампаанньа бас билиитигэр хаалаллар.

Ааспыт сыллааҕы сайын элбэх ойуур баһаардааҕынан Саха сирин олохтоохторун өйдөрүгэр-санааларыгар кы­­таанахтык хатаммыт буолуохтаах. Ойуур баһаардарын умуруорууга уонна сэрэтиигэ хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн, Ил Дархан Айсен Николаев быһачча сорудаҕынан “Полярные авиалинии” хампаанньа Ан-26 көтөр аалын баазатыгар ойуур баһаардарын умуруорарга искусственнай ардаҕы ыҥырар анал тэрили туһанар боппуруос толору үөрэтилиннэ.

Арассыыйатааҕы Атмос­фернай технологиялар ааҕыныстыбалара «Саг-26» диэн анал установканы хампаанньа сөмөлүөттэригэр бэрэбиэркэни ыыппыт. Бу тэрил былыты үөскэтэр сыалтан үрүҥ көмүстэээх йодиды халлааҥҥа ыһар. Атмосфернай технологиялар ааҕыныстыбаларын исписэ­лиистэрэ 2022 сылга кэлэн, «Веер» анал тэрили туһанар өҥөнү оҥороллоругар кэпсэтии барбыт.

Александр Тарасов, edersaas.ru

ТАР5АТ: