Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлээтэ — НВК Саха

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Олоҥхо күнүнэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээтэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Күндү биир дойдулаахтарым! Бу бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан Олоҥхону сайыннарыыга уонна киэҥник тарҕатыыга бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабын. Олоҥхо Декадата сыл аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйда. Быйылгы Декада бырагырааматыгар 50-тан тахса тэрээһин киирдэ: тэлэбиисэринэн биэриилэр эргиирдэрэ, куонкурустар уонна бэстибээллэр, испэктээктэр, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, маастар-кылаастар, айар киэһэлэр», — диэтэ Ил Дархан.

Олоҥхону чөл хаалларыы уонна сайыннарыы үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ үс хайысханан барар. Ол курдук, Дьокуускайга Олоҥхо Тыйаатыра ситиһиилээхтик үлэлиир. Кэнники кэмҥэ ыччакка анаан Амма биллиилээх олоҥхоһута Тимофей Захаров – Чээбий олоҥхотунан “Ала Булкун” диэн комедия-испэктээги туруорда. Саха олоҥхотун матыыбынан оҥоһуллубут испэктээктэр тас дойдулар сыаналарыгар тахсан, аан дойду көрөөччүлэрин сэҥээриилэрин, билиниилэрин ылаллара кэрэхсэбиллээх.

Иккис хайысханы Научнай-методическай үлэҕэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ Олоҥхо Киинэ салайар. Бу Киин өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа үгэс буолбут олоҥхоһуттар бэстибээллэрин, сэминээрдэри, маастар-кылаастары, кэмпириэнсийэлэри ыытар, “Олоҥхо олуктара”, “Ийэ тыл биһигэ” научнай-методическай сиэрийэлэри таһаарар.

Үһүс хайысханы М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэккэ тэриллибит Олоҥхо научнай-чинчийэр института салайар. Кыhа саха олоҥхотун кыһалҕаларын үөрэтэр, тиэкистэри, монографиялары, хомуурунньуктары, ыстатыйалары бэлэмнээн таһаарыыны,  олоҥхону омук тылыгар тылбаастааhыны былааннаан үлэлиир.

«Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын! Саха норуотун духуобунай сыаннастарын уонна аан дойду олоҕун анаарыытын иҥэриммит сүдү айымньыны – Олоҥхону – истиҥ уонна ааҕыҥ, оҕолоргутун уонна эдэр ыччаты төрөөбүт тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэтиҥ!», — диэн кини эҕэрдэ тылын түмүктээтэ.