Ил Дархан Айсен Николаев Аллараа Халымаҕа оробуочай сырыытын чэрчитинэн улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Егор Малышевы кытта көрсүһүүнү ыытта.
Мунньахха оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна улуус олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга сыһыаннаах боппуруостары дьүүллэстилэр. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Аллараа Халыма улууһа ураты болҕомтону эрэйэр оройуон. Манна кэнники сылларга олус уустук тырааныспар логистикатын кытары сибээстээх элбэх кыһалҕалар бааллар.
«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн, оройуон күүскэ сайдар: саҥа социальнай эбийиэктэр уонна олорор дьиэлэр тутуллаллар. Черскэй аэропордугар көтөр-түһэр балаһаны туттулар. Манна сайдыы салҕанан барар. Биһиги Халыма уонна Андрюшкино нэһилиэктэригэр оскуолалары тутуохтаахпыт. Мин туруорсар боппуруоһум — Черскэйгэ балыыһа комплексын тутуута. Соторутааҕыта Муома улууһугар Арктикаҕа аныгы комплекс тутуллан киллэриллибитэ. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии чэрчитинэн, манна эмиэ аныгы комплекс баар буоларын ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Мин бырабыыталыстыбаҕа туспа сорудаҕы биэриэм», — диэтэ Айсен Николаев.
Егор Малышев Ил Дархаҥҥа улуус социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын кэпсээтэ. Ону сэргэ көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, чуолаан, таба иитиитин, кадырынан хааччыйыы боппуруостара көтөҕүлүннүлэр. Ил Дархан оройуон киинигэр сырыытын түмүгүнэн, Халымаҕа уонна Андрюшкиноҕа оскуола-уһуйаан, Черскэйгэ балыыһа комплексын тутуутун боппуруостарын быһаарарга сорудахтаата.