Ыам ыйын 13 күнэ. Ил Дархан Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын салалтатыгар тирээн турар соруктары туруорда.
Халаан уута ылбыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар дьоҥҥо көмө оҥорууну уталыппакка быһаарарга, муус харбыт учаастактарыгар эһэр үлэни ыытарга сорудахтаата. Уу ылыан сөптөөх нэһилиэктэргэ муниципальнай уорганнар дьону көһөрөр, сылгыны, сүөһүнү эрдэттэн үрдүк сирдэргэ таһаарар эбээһинэстээхтэрин, хоромньуну аччатар дьаһаллары ылыахтаахтарын ыйда.
Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин стратегическай ыйаахтарын олоххо киллэриигэ федеральнай Бырабыыталыстыба саҥа састаабын кытары суһаллык бииргэ үлэлэһэргэ уонна эрэгийиэннээҕи былааны оҥорорго сорудахтаата.
Дойду Бырабыыталыстыбата гааһынан хааччыйыы уонна эрэгийиэни гаастааһын саҥа быраабылатын уонна олоххо киллэрэр схематын бигэргэттэ. Эрэгийиэннэр 20 сылга гааһынан хааччыйыы уонна гааһы киллэрии схематын оҥорор кыахтаннылар. Ил Дархан бу хайысхаҕа сүрүн соругунан гаастааһын инфраструктуратын сайыннарыы буоларын бэлиэтээтэ.
Итиэннэ федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай социальнай өйөбүллэри оҥорууга биир кэлим ирдэбиллэр олохтоннулар. Өйөбүл электроннай өҥө нөҥүө кылгас кэм иһигэр оҥоһуллуохтара.
Ыам ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтии уонна туоратыы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта. Ууга барар кутталлаах нэһилиэнньэлээх пууннартан дьону-сэргэни көһөрүү үлэтэ бытаарбытын, дьон көһөртөн бэйэтэ акккаастанар диэн быһаарыы оруна суоҕун бэлиэтээтэ. Өлүөхүмэ, Хаҥалас нэһилиэнньэлээх пууннарыгар төгүрүк суукка устата дьуһуурустуба олохтуурга сорудахтаата. Олохтоох салайыныы уорганнарыгар нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр үлэни күүһүрдэргэ, сүөһүнү, сылгыны эрдэттэн куттала суох сиргэ таһаарыыны тэрийэргэ ыйда. Халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга оттук сезонун уһатыахтара. Уу таһыма түстэ да, хоромньуну ааҕыы, дьоҥҥо көмөнү оҥоруу, суоллары чөлүгэр түһэрии үлэтин саҕалыахтара.
Ыам ыйын 14 күнэ. Ил Дархан Жатайдааҕы судоверфэ тутуутун боппуруостарын көрдө. Билиҥҥи кэмҥэ эбийиэк тутуутун бэлэмэ 66 тахса быраһыаҥҥа тэҥнэһэр. Үлэ сүрүн чааһа хараабыл куорпуһун оҥорон таһаарар блокка ыытыллар. Урукку бэдэрээччити кытта хантыраагы, кэһиилэр тахсаннар, көтүрбүттэрэ. Билигин талыллыбыт «РФА-Инвест» хампаанньа тутуу үлэтин саҕалаата, онтон инженернай үлэни «Гарт» ХЭТ ыытар. Айсен Николаев үлэ былаан-кыраапыгын оҥорон, тутууну кытаанахтык хонтуруоллуурга сорудахтаата.
Ыам ыйын 14 күнэ. Ил Дархан норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» успуорт оонньуулара ыытыллар эбийиэктэригэр террортан куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостарын анал хамыыһыйа мунньаҕар көрдө. Кыттааччы ахсаана улаатан иһэринэн, спортсменнары олордор уонна аһатар эбийиэктэри элбэтии боппуруоһун быһаараллар. Онон терроризмы уонна баһаары бохсуу үлэлэрин күүһүрдүү соруга турар диэн бэлиэтээтэ. Эбийиэктэргэ үөрэтэр-эрчийэр тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытыллыахтара.
Ыам ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет сайдыытын сүрүн тосхоллорун дьүүллэстэ. Экэниэмикэ тустаах салаатыгар каадыры бэлэмниир тиһиги сайыннарыыга туһуламмыт үөрэх кыһатын стратегиятын оҥорорго сорудахтаата. Сүрүн соругунан тыа хаһаайыстыбатыгар баһылаабыт идэлэринэн үлэлиир үөрэҕи бүтэрэээччи ахсаанын элбэтии буоларын бэлиэтээтэ. Агрооскуолаларга идэҕэ туһаайар үлэни күүһүрдэргэ ыйда.
Ыам ыйын 14 күнэ. Ил Дархан норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» успуорт оонньуулара ыытыллыахтаах эбийиэктэригэр үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. «Туймаада» стадиоҥҥа тэрээһин аһыллыытын уонна сабыллыытын сиэрэ-туома, успуорт кэккэ көрүҥэр күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Билигин стадиоҥҥа саҥа олбохтору туруораллар, футболлуур хонууга искусственнай газону уларыталлар, сүүрэр суолга бэлиэлэри оҥороллор. Стадиону уотунан сырдатыы аныгы технологияны тутуһуллан оҥоһуллуоҕа, куттал суох буолуута хааччыллыаҕа. Эбийиэккэ 140 киһи үлэлиир. Комсомольскай болуоссакка хапытаалынай өрөмүөн бара турар, саҥа аспаалынан бүрүйэллэр. Айсен Николаев үлэ кыраапыгын быһыытынан баран иһэрин, бэс ыйын 1 күнүгэр түмүктэниэҕин бэлиэтээтэ. Салгыы Бестужев-Марлинскай уонна Дзержинскай ааттарынан уулуссаларыгар хаарбах мас дьиэлэри көтүрүү үлэтин көрдө. Бестужев-Марлинскай аатынан уулуссаҕа тупсаҕай уопсастыбаннай сир бырайыагын оҥорорго сорудахтаата.
Ыам ыйын 15 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн, элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн федеральнай статустаах буолара олохтоммута. Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйөөһүнү үбүлээһин 2018 сылтан аҕыс төгүл үрдээн 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Саха сирэ элбэх оҕолоох ыал ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. 34 тыһ. элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 118 тыһ. оҕо улаатар. Төрөөһүн ахсаанынан биһиги эрэгийиэммит Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы, оттон дойду үрдүнэн – ахсыс миэстэлээх. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһ. солкуобайга тэҥнэстэ. Түөрт ый устата бу өйөбүлү 370 ыал ылла. Быйыл 25 саастарыгар диэри бастакытын ыал буолбут дьоҥҥо биир кэмнээх 50 тыһ. солкуобай төлөбүр олохтоммута. Сыл бастакы 4 ыйыгар 264 эдэр ыал ылла. «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо 2025 сылга диэри уһатылынна. Бастакы 4 ыйга бу хапытаалы 3271 ыал тутта.
Ыам ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин Бочуоттаах гражданина Егор Ларионовы кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ, чуолаан Нам улууһун социальнай-экономическай сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Эрэгийиэн федеральнай бырагыраамаларга, куонкурустарга муниципальнай тэриллии ирдэбиллэригэр олоҕуран сүүмэрдээһиҥҥэ кыттыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Егор Ларионов Ил Дархан, бырабыыталыстыба Саха сирин дьонун олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ федеральнай биэдэмистибэлэри кытта ыытар үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата. Нам улууһугар кытыы сытар Салбаҥҥа оскуола-уһуйаан дьиэтин тутуу боппуруоһун көтөхтө. Айсен Николаев Егор Ларионовка сүбэ-ама буоларын, өйөбүлүн иһин махтанна.
Ыам ыйын 15 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ Ааҕар-суоттуур палаататын бэрэссэдээтэлэ Алена Федорованы кытта көрсөн кэпсэттэ. 2023 сылга Палаата 50 хонтуруоллуур уонна экспертнэй-аналитическай тэрээһини итиэннэ 102 нуорма-быраап аактатын экспертизатын ыытта. 2024 сылга сүрүн сорук бүддьүөт үбүн көдьүүһэ суох туттуу төрүөтүн быһаарыы буолар. Айсен Николаев Ааҕар-суоттуур палата үөрэх, култуура, тыа хаһаайыстыбатын, Арктика сайдыытын эйгэлэригэр улахан ырытыы үлэтин ыыппытын түмүктэринэн оҥорбут этиилэрин Бырабыыталыстыба үлэтигэр туттарын бэлиэтээтэ.
Ыам ыйын 16 күнэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин КНР бэрэсэдээтэлэ Си Цзиньпин ыҥырыытынан икки күҥҥэ Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтигэр икки күннээх судаарыстыбаннай сырыытынан тиийдэ. Арассыыйа официальнай дэлэгээссийэтин састаабыгар Айсен Николаев киирдэ.
Ыам ыйын 17 күнэ. Ил Дархан VIII Арассыыйа-Кытай ЭКСПО аһыллыытыгар кытынна. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа уонна Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга Хань Чжэҥҥэ Саха сирин уратытын уонна айылҕата кэрэтин көрдөрөр быыстапкалыыр истиэндэҕэ олохтоох бородууксуйаны уонна бырайыактары билиһиннэрдэ. Быыстапкаҕа инвестиция уонна туризм бырайыактарын, сэлии муоһуттан, көмүстэн оҥоһуктары, сувенирдары, оонньуурдары, сир аһыттан бородууксуйаны, саха туттар тэриллэрин көрдөрөллөр.
Ыам ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа-Кытай сыһыаннаһыыларын бөҕөргөтөр туһугар бырааттыы сибээстэһиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумҥа Саха сирин инвестицияҕа бырайыактарын билиһиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ Амур уобалаһын кытта көҕүлээбит «Джалинда – Мохэ» бырайыага олоххо киирдэҕинэ, Арассыыйа уонна Кытай икки ардыгар тимир суол уонна муоста тутуллан, 2033 сылга диэри экспорга тахсар бородууксуйа 20 мөл. туоннаҕа тиийиэ улаатыан сөп. Айсен Николаев энергетикаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, туризмҥа, электроннай эргиэҥҥэ, үп сиэктэригэр икки өрүттээх бииргэ үлэлээһини сайыннарарга кыах баар. Билим уонна үөрэх эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин бөҕөргүүр. Үрдүк үөрэх кыһалара хардарыта атастаһыы бырагырааматынан үлэлииллэр. Арассыыйа уонна Кытай үөрэх уонна билим 17 тэрилтэтин Арктиканы чинчийиигэ консорциума тэриллибитэ иккис сыла. Саха сирин 33 оскуолатыгар кытай тылын үөрэтэллэр.
Ыам ыйын 17 күнэ. Арассыыйа — Кытай VIII Экспо чэрчитинэн Саха сирэ уонна Кытай Цзянси бырабыынсыйата доҕордуу сибээһи олохтуур туһунан Сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Айсен Николаев уонна Цзянси Бырабыыталыстыбатын вице-губернатора Ся Вэньюн илии баттаатылар. Докумуон сүнньүнэн экология салаатыгар бииргэ үлэлээһин буолуоҕа. Саха сиригэр уйа туттар, ууһуур уонна Цзянсига кыстыыр кыталыктары харыстааһыҥҥа бииргэ үлэлиэхтэрэ. Өрүттэр эргиэн-экэниэмикэ эйгэтигэр сибээһи кэҥэтиигэ, тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл, үөрэх уонна билим эйгэтигэр, бырамыысыланнаска сыһыаны, инновацияны сайыннарыыга бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин эттилэр.
Ыам ыйын 18 күнэ. Харбиҥҥа VIII Арассыыйа-Кытай ЭКСПО чэрчитинэн Айсен Николаев Хэйлунцзян бырабыынсыйатын губернатора, хотун Лян Хуэйлин кытары оробуочай көрсүһүүтүгэр доҕордуу сыһыаны салгыы сайыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ил Дархан эрэгийиэннэр эргиэн-экэниэмикэ эйгэтигэр уонна гуманитарнай салааҕа бииргэ үлэлэһэллэрин, былырыын Пекиҥҥэ «Биир пояс – биир суол» аан дойдутааҕы пуорумҥа доҕордуу сыһыаны олохтуур туһунан сөбүлэһии баттаспыттарын кэнниттэн бииргэ үлэлээһин саҥа таһымҥа тахсыбытын бэлиэтээтэ. Билигин Саха сирин 18 муниципалитета Хэйлунцзян 20 куоратын уонна уеһын кытта доҕордуу сибээһи олохтообута. 2024 сылга күһүн Саха сирин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Харбиҥҥа уонна Хэйхэҕэ гостуруоллуура былааннанар. Ил Дархан Хэйлунцзян кэлэктииптэрин култуура бырагыраамалаах Саха сиригэр кэлэллэригэр ыҥырда.
Ыам ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев халаан уутун Нам улууһун ууга барбыт нэһилиэктэригэр көмөнү оҥорууну тэрийэргэ Бырабыыталастыбаҕа, министиэристэбэлэргэ сорудахтаата. Билигин быһааччылар, мэдиссиинэ биригээдэлэрэ миэстэтигэр үлэлииллэр. Суолу, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар эбийиэктэри чөлүгэр түһэрии саҕаланна, хоромньуну ааҕыы барар. Эбии анал тиэхиньикэ ыытылынна. Оттук сезона уһатыллыаҕа. Эмсэҕэлээбиттэргэ туһааннаах көмө барыта оҥоһуллуоҕа диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Кэбээйи, Бүлүү улуустарыгар уу таһыма үрдүүрэ сабаҕаланар. Айсен Николаев бары тустаах дьаһалы суһаллык ыларга сорудах биэрдэ. Халымаҕа мууһу эстэрээччилэри уонна гидрологтары ыытарга ыйда.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Халаан содулун туоратыыга кыһалҕалаахтарга көмө оҥорууга түмсүөххэйиҥ, уһун кыһыны туораан, күүтүүлээх сайыҥҥа үктэнэр кэммитигэр бары чэгиэн, доруобай буолуоҕуҥ.
Афанасий Ноев