Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 7 күнүгэр Владимир Путин солотугар киирэр сиэригэр-туомугар сылдьыбыта. Онно сылдьан, «РИА-Новости» ааҕыныстыбаҕа кылгастык санаатын үллэһиннэ.
— Владимир Путин салалтатынан Арассыыйа аан дойду биир күүстээх державатыгар кубулуйуоҕа. Кини — норуоту сатаан батыһыннарар кыахтаах, муударай уонна уопуттаах салайааччы. Владимир Владимирович биһиги бары биир улуу норуот буоларбыт туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маннык биир сомоҕо норуот туох баар ыарахаттары кыайыаҕа диэн мин эрэллээхпин, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Оттон Дьокуускайга уопсастыбаннай кииҥҥэ бары актыбыыстар, уопсастыбанньыктар мустан, бэрэсидьиэн солотугар киирэр сиэрин-туомун быһа эпииргэ көрдүлэр.
Арассыыйа Дьоруойа, «Сулус» бэргэнник ытар киин салайааччыта Александр Колесов этэринэн, Путин этиитэ кылгас эрээри, дириҥ суолталаах. «Бэрэсидьиэн аан дойду лиидэрдэригэр Арассыыйа аһаҕастык, чиэһинэйдик, тэҥнээхтэрин курдук бары сувереннай судаарыстыбалары кытта бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмин туһунан санатта. Оннооҕор арҕааҥҥы коалицияны кытта тэҥҥэ кэпсэтэргэ бэлэммитин биллэрдэ», — диэн кини эттэ.