СТС ханаалга «Inтуристы» саҥа биэриигэ өрөспүүбүлүкэҕэ айан-сынньалаҥ туһунан көрдөрүөхтэрэ. Бу туһунан ханаал пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Саха сиригэр 35 кыраадыс итиигэ ирбэт тоҥу илэ харахпынан көрөн олус үөрдүм», — диэтэ ыытааччы Мария Горбань.
Биэриигэ ыытааччылар «Ирбэт тоҥ саарыстыбата» музейга, бизонарийга уонна этэрбэһи оҥорор фабрикаҕа ыалдьыттаатылар, алмаас оҥоһуктары көрдүлэр, кымыс амсайдылар, хомуска оонньоотулар уонна Ыһыахха кытыннылар. Кинилэр ордук Саха сирин айылҕатын кэрэхсээбиттэр.
Биэрии СТС ханаалга от ыйын 30 күнүттэн көстүөҕэ.