Күн-дьыл туруга: Саха сиригэр күнүс 28°С кыраадыс сылыйыа

Саха сирин синоптиктара бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, хайдах күнү-дьылы сылыктыылларый?
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр Халыма улууһугар кыра ардах түһэрин, оттон атын улуустарынан  сөҥүүтэ суох буоларын билгэлииллэр.
Арҕааттан сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх тыаллаах, Халымаҕа уонна Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 15-18 м/с түргэннээх тыалырыа.
Салгын температурата түүн +7+12°С, Халымаҕа +1+6°С, хотугулуу-илин сорох сиринэн -2°С тиийэ тымныйыа, күнүс +23+28°С кыраадыс сылаас, соҕуруу уонна хотугулуу-илин сорох сиринэн +16+21°С, Халымаҕа +7+12°С кыраадыска диэри сылыйар.
Арктика кытылынан салгын температурата түүн +2+7°С,  Халыма алын тардыытынан 0,-5°С, күнүс +13+18°С, Индигиир уонна Халыма алын тардыытынан +5+10°С.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +7+9°С, күнүс +24+26°С.
ТАР5АТ: