Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, күн-дьыл туруга хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа тугу иһитиннэрэрий?
Халыма-Индигиир улуустарыгар сөҥүүтэ суох. Атын улуустарынан кыралаан, соҕуруу, илин, аллараа Өлүөнэ өрүс тардыытынан ардах түһүөҕэ, хоту инчэҕэй хаар, оттон Нерюнгри улууһугар күүстээх хаар түһүөҕэ.
Киин улуустарга арҕааттан сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Кэбээйи, Үөһээ Дьааҥы, Алдан улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-18 м/с, Нерюнгри улууһугар сөкүүндэҕэ 17-22 м/с, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар 18-23 м/с тиийэ күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.
Салгын температурата түүн 0,+5 °С, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин 0,-5°С, илин -8°С диэри, күнүс +8+13°С, арҕаа +3+8°С, хотугулуу-арҕаа -1,+4°С, Халыма-Индигиир улуустарыгар +13+18°С сылыйыа.
Дьокуускайга салгын температурата түүн +1+3°С сылаас, күнүс +8+10°С тиийэ сылыйыа, былыттаах, киэһэтин кыратык ардах түһэрэ күүтүллэр, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыал түһүөҕэ, сорох кэмҥэ тыал сөкүүндэҕэ 14 м/с диэри күүһүрүөҕэ.