Бүгүн, ыам ыйын 16 күнүгэр, Саха сирин синоптикара Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыгар ардах, сорох сирдэринэн күүстээх ардах түһэрин, күнүс Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар арҕааттан сөкүүндэҕэ 17-22 м/с тиийэ түргэннээх тыаллаах буолара күүтүллэрин сылыктыыллар.
Ол курдук, Саха сирин үгүс өттүгэр кыралаан ардах, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа өттүгэр күүстээх, хоту, хотугулуу-арҕаа өттүгэр инчэҕэй хаар, күнүс соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр этиҥнээх ардах түһүөҕэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сөкүүндэҕэ 9-14 м/с түргэннээх дохсун тыаллаах, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа, Арктика кытылынан 17-22 м/с түргэннээх тыалырыа.
Салгын температурата түүн +2+7°С, былыта суох буоллаҕына 0,-5°С, хоту -5-10°С, күнүс +13+18°С, соҕуруу, соҕуруулуу-илин +20+25°С, арҕаа өттүгэр +5+10°С, хоту -2,+3°С кыраадыс сылыйыа.
Дьокуускайга салгын температурата түүн 0,+2°С, күнүс +13+15°С. Түүн сөҥүүтэ суох, күн бүтэһигэр кыратык ардыаҕа, түүн арҕааттан, күнүс соҕуруулуу-илинтэн 3-8 м/с, сорох кэмҥэ 9-14 м/с түргэннээх тыаллаах.