Кангаласс-Суотту хайысханан паром сырыыта бу нэдиэлэҕэ саҕаланыаҕа. Манна икки паром сылдьара былааннанар диэн эппиэттээх хампаанньа салайааччыта Иван Заровняев иһитиннэрэр.
«Бүгүн бүтэһик докумуоннары ылабыт, онон бу күннэргэ лииньийэҕэ паромнары таһаарыахпыт. Барыллаан суудуналар ыам ыйын 29-30 күннэригэр үлэлэрин саҕалыахтара. Бу хайысханан икки паром сылдьыаҕа», — диир Иван Заровняев.
Суоттуттан паром рейстэрэ 06:00 — 18:00 ч., оттон Кангаласстан 09:00 — 21:00 ч. сылдьыахтара.