2021 сылга кэккэ арт эбийиэктэри биир айылҕа кластерыгар түмүөхтэрэ . Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Иһитиннэриини ааҕыныстыбаҕа РФ бэрэсидьиэнин иһинэн регион бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ тириэртэ.
«2021 сылга манна үс тыһыынча миэстэлээх «Хотугу сулус» сыл устата үлэлиир сынньалаҥ уонна доруобуйа киинэ, «Номоххо киирбит ытык сылгы үөрэ» арт-эбийиэгэ, аһыыр, түһэр сирдэр, автозаправкалар уонна маҕаһыыннар тутуллуохтара», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
«Өлүөнэ» бырайыакка «Уус Буотама» бизоннар питомниктара, «Тукулан», «Булуус», «Күрүлүүр», «Туруук хайа» уонна «Хотугу мозайка» туристическай-рекреационнай кластер киирэллэр.
Туркластер 292 тыһыынча га иэннээх, Табаҕа тумулуттан Өлүөнэ очуостарыгар «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа диэри.