Бу сырыыга айылҕаттан айар талааннаах дизайнер, иистэнньэҥ, хаартыскаҕа дьүһүйээччи, биир дойдулаахпыт Варвара Егорова-Дыгыйаны кытары истиҥ көрсүһүү буолла. Кини Иваново куоракка култуура училищетыгар хореограф идэтин ылан 1985 сыллаахха Кэмпэндээйи кулуубугар дириэктэринэн ананан кэлэн үлэтин саҕалаабыта. Эдэр талааннаах кыыс нэһилиэк олоҕор хара маҥнайгыттан кыттыһан сырдык сулустуу тыкпыта. Эргэ кулууп эдэр ыччат түмсэр киинэ буолан араас сэргэх кэнсиэртэр, тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолаллара. Варвара оччоттон хаартыскаҕа түһэрэр буолан олохтоохтору, Кэмпэндээйи кэрэ айылҕатын, араас тэрээһиннэри, түгэннэри үйэтитэн хаалларбыт эбит. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон астына көрдүбүт. 40 сыл анараа өттүгэр эдэр ыччаттар хаартыскаҕа хатаммыт түгэннэрин билигин оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоро үтүктэн түстүлэр. Варвара Митрофановна кэнники сылларга саха төрүт таҥаһын тигэн киэҥ эйгэҕэ биллэр модельер буолла. Олоҥхо, Туймаада ыhыахтарыгар сахалыы таҥас курэhигэр Кылаан кыайыылаах аатын ылыан ыллаттаабыт. Хаарыс солко халадаайга, хаттык буолар хаһыаччыкка, сөрүүҥҥэ кэтэр оноолоох соҥҥо сууланан, убайдара Лука, Иннокентий Егоровтар үрүҥ көмүс, алтан көмүс симэхтэринэн симэмит саха далбар хотуттарыгар фотосессия оҥорбута көрүөхтэн ураты кэрэ түгэн буолла. Кинигэлээх долбуурдар быыстарынан, түмэл хосторунан саха хотуттара наскылдьыйа уһуннулар. Бу тэрээһиҥҥэ өрүү буоларын курдук Арассыыйа ийэлэрин түмсүүтүттэн Любовь Осипова, Галина Прокопьева күүс көмө буолан сандалы тэрийэн кыттааччылар сынньанан, астынан тарҕастылар.
Источник: https://t.me/suntaar_sonunnara/18404