Кэскил Баишев — Бу биһи

Эдэр киһи сүүрэр-көтөр
Элэҥнэс саастарым
Күлүм гына тыгаллар
Күлэ-үөрэ көрсөммүн

Күн сырдыгын мин биллим
Көҥүл кынатын ыллым
Бу халлааны таптыыбын

Күлүмнэс күн уота түспүт
Халлаанныын силбэспит
Орто туруу дойдуга
Сир киһитэ күн доҕоруом

Бу мин
Oо-оо-оо бу биһи
Бу биһи

Эрчимирдэр
Этэр тыынар тэйэр ойор кэмнэрим
Бэлэх уунар күннэрин
Бэйэбэр иҥэрэн

Cиргэ кэлбиппин биллим
Tолору дьоллоох эбиппин
Бу сири таптыыбын

Күлүмнэс күн уота түспүт
Халлааннын силбэспит
Орто туруу дойдуга
Сир киһитэ күн доҕоруом

Бу мин
Oо-оо-оо бу биһи
Бу биһи

Эдэрбин эдэр киһи
Эрэлгэр киллэрэн
Эрэйдээх кэмнэргэр
Бэлиэтии тылларбын

Итэҕэйиэн истэҥҥин
Бэйэҕэр биллэрдин
Ырыабыт ыллыаҕа

Күлүмнэс күн уота түспүт
Халлаанныын силбэспит
Орто туруу дойдуга
Сир киһитэ күн доҕоруом

Бу мин
Oо-оо-оо бу биһи
Бу биһи

Күлүмнэс күн уота түспүт
Халлаанныын силбэспит
Орто туруу дойдуга
Сир киһитэ күн доҕоруом

Бу мин
Oо-оо-оо бу биһи
Бу биһи

Сиэрдээх эйэлээх түмсүүлээх буолуох
Дойду дьоно күн доҕотторо биһи

ТАР5АТ: