Саха сиригэр соҕуруулуу-илин, түүн киин улуустарга инчэҕэй хаар уонна ардах түһэрэ күүтүллэр, оттон өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыгар сөҥүүтэ суох.
Бу туһунан Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа иһитиннэрэр. Анаабыр, Булуҥ, күнүс Мииринэй арҕаа өттүгэр, Өлөөҥҥө сорох сиринэн 9-14 м/с тиийэ түргэннээх күүстээх тыал түһүөҕэ.
Салгын температурата түүн — 3-8°С, киин улуустарга былытырдаҕына 0,+5 °С, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа -10-15 °С, күнүс +5 +10 °С, соҕуруулуу-арҕаа +10 +15 °С, хотугулуу-арҕаа +3+8°С кыраадыс сылаас.
Киин куоракка сөҥүүтэ суох, арҕааттан 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн -1+1°С, күнүс +9+11°С кыраадыска тиийэ сылыйыа.