Саха барҕа баайын биир сотуллубат сорҕотунан, култууратын бэлиэтинэн сэргэ буолар. Кини элбэх көрүҥнээх. Чинчийээччилэр суруйууларыгар тирэҕирэн сэргэни сүрүннээн маннык көрүҥнэргэ араарыахха сөп: дьиэ-уот (тэлгэһэ) сэргэлэрэ; ыһыах сэргэлэрэ; сиэр-туом (итэҕэл) сэргэлэрэ; айан (аартык) сэргэлэрэ.
Былыргыттан саха кийиит кэлэригэр анаан сэргэ туруорара. Маннык сэргэҕэ кийиит кыыс эрэ атын баайара көҥүллэнэрэ. Онон бу сэргэни итэҕэл да, тэлгэһэ да сэргэтигэр киллэриэххэ сөп. Кийиит сэргэтэ чопчу хайдах ойуулаах, быһыылаах-таһаалаах буолуохтааҕа биллибэт. Арай атын сэргэлэртэн ураты киэргэтэн, ойуулаан-мандардаан оҥороллоро диэн өйдөбүл хаалбыт. Ким-хайдах саныырынан, чопчутугар чороону, үрүҥ тонох бэлиэтин о.д.а оҥороллоро. Саха аатырбыт тойоно, Бороҕон улууһун бастакы кулубата Сэһэн Ардьакыап тэлгэһэтигэр турбут кийиит сэргэтин үрдэ дьабака бэргэһэ курдук моһуоннааҕа биллэр. Сэргэҕэ бэйэтигэр көҕүөр оһуор уонна үнүгэстэр быһа хаһан ойууламмыттара баара үһү.
Ньурба улууһугар ″кийиит сэргэтэ″ диэнинэн биллэр сэргэ Хаҥаласка Кута Чымардаах алааһыгар турбута. Бу сэргэни былыр (быһа холоон ХIХ үйэ 2-с аҥара) баай Бэрииһэптэр кийиит кыыс сүктэн кэлэригэр анаан туруорбуттарын туһунан норуот номоҕор хаалбыт. Хаҥалас сис баайдара, халың аймах Бэрииhэптэр бэрт элбэх алаастарынан тайаан олорон ааспыттара. 1895 с. Бэрииhэптэр сэттэ улахан алааска тарҕанан олорбуттарын архыып суруктара туоhулууллар. Кинилэртэн Байбал Бэрииhэп 46 сааhыгар 1917 с. гильдиялаах атыыhыт буолбут. Кини сүөһүнэн буолбакка сир оҥорон, бурдук үүннэрэн, атыыһыттаан эргинэн (көмүс кытта атыылыыра) байбыт киһи. Бурдук тардар миэлиңсэлээҕэ уонна лааппылааҕа биллэр. Олорбут дьиэтэ уонна бурдук кутар ампаара билигин даҕаны Хаҥаласка тураллар.
Норуот маастара Саввинов В.И. бу сэргэни кээмэйдээн, ойуулаан ылбытынан сэргэ 2,80 см. үрдүктээх, 16 оҥо быһыы түннүктэрдээх, 2 томторолоох, үөһэ оройугар дьөлө хаһыылаах. Былыр, баҕар, көтөрдөөх да буолуон сөп курдук, эбэтэр чэчир анньар оҥхойдоро буолуон сөп (сиэр-туом кэмигэр, ыһыахха эҥин сэргэ төбөтүгэр чэчир анньаллара). Бу сэргэ туһунан норуот ырыаһыта Н.Ф. Осипов-Чоомуут ахтыыта баар. Онно кэпсэнэринэн Чоомуут ийэтэ тииһэ ыалдьан сыҥааҕа сүүлэ иһэн тахсыбытыгар, аҕата уолун батыһыннаран Кута Чымардаах алааска тиийэн, талаҕы эриэн гына быһан баран салгыҥҥа ″куус-куус″ охсо-охсо сэргэҕэ чугаһаан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, өрбөх кырадаһынын сэргэ түннүгэр кыбытан баран сэргэ илин өттүттэн быһах угунан, сэрэнэн, мас сыыһын ойон ылбыт уонна дьиэлэригэр тиийэн ийэлэригэр биэрбиттэрин тииһигэр ылан уктубут. Ол кэнниттэн ыарыыта уурайан, сыҥааҕа испитэ тардыбытынан барбыт. Кийиит кэлэригэр анаан дьолун түстээн, алҕаан туруорбут сэргэлэрэ сырдык алгыһын тутан көмөлтө буола турбута мантан да көстөр.
Билигин сэргэ оҥоһуутун көрүөххэ. Кини сүрүн уратыта – оҥо хаһыы түннүктэрдээҕэ буолар. Маннык ″түннүктэр″ саха атын ханнык да оҥоһугар суохтар. Тоҕо чуолаан бу сэргэҕэ түннүктээтилэр, туох суолталааҕа буолуой?
“Түннүктээх” сэргэ М.М. Носов “Итэҕэл сэргэлэрэ” диэн уруһуйугар баар. Ол гынан баран бу сэргэ түннүгүн быһыыта да атын, судургу уонна ахсаана аҕыйах.
Өссө биир “түннүктээх” сэргэ этнограф В.Ф. Яковлев “Сэргэ” диэн монографиятыгар баар. Бу сэргэ “оҕус сэргэтэ” диэн ааттаммыт уонна оҥоһуута эмиэ судургу, түөрт-хас “түннүктээх”, моонньоҕо суох үргүлдьү көнө.
Онон “түннүктээх” сэргэлэр сахаҕа көстөллөр эбит гынан баран, бу Кута Чымардаахха турбут сэргэ курдук уустуктаан, сиэдэрэйдээн, суолталаан оҥоһуллубут сэргэ ханна да суоҕа билиннэ. Баҕар дойдубут хайа эрэ муннугар манныкка майгынныыр сэргэ турара буолуо гынан баран, билиҥҥитэ оннук баара биллибэт. Арай, бу кийиит сэргэтин курдук “түннүктэрдээх”, томторолоох уонна былыргылыы долгун киэргэтиилээх сэргэ эмиэ Хаҥаласка Ампаардаах диэн сиргэ баара биллэр. Бу сэргэҕэ кэлин тохтоон ааһыахпыт.
Ампаардаах сэргэтэ
Онон, үөһээ суруллубукка олоҕурдахха, кийиит сэргэтин “түннүктээн” киэргэтэн оҥоруу киэҥник тарҕаммыт, олоҕорбут үгэс буолбатах эбит. Чуолаан Хаҥалас нэһилиэгэр итинник киэргэтэн оҥоро сылдьыбыттар эбит диэн өйдүөххэ сөп.
Онтон ″түннүк″ бэйэтэ символ быһыытынан туох өйдөбүллээҕий, суолталааҕый? Аан дойду омуктарыгар олоҕурбут өйдөбүлүнэн түннүк — сырдыгы, саҥа көстүүнү киллэрээччи, кини нөҥүө киһи күнү, халлаан эттиктэрин, таҥараны кытта ситимнэһэр. Онтон сахаҕа туох суолталааҕый? Балаҕан үксүгэр 3-4 түннүктээх буолар, кыһын муус олордоллор, сайыҥҥы түннүк чарт, сиэл, эбэтэр сүлүүдэ буолар. Бултаммыт саһылы, бэдэри түннүгүнэн киллэрэллэрэ. Оҕо турбат ыалыгар оҕону хотон түннүгүнэн “күрэтэн” атын ыалга биэрэллэрэ. Маны тэҥэ, этнограф Н.К. Данилова бэлиэтииринэн, түннүк өлүүнү-сүтүүнү кытта ситимнээҕэ.Ол курдук түннүк анныгар кыра абааһылар олохсуйаллара. Этнограф А.А. Попов “Ойууннар кыырыылара” диэн кинигэтигэр “түннүк аннынааҕылары” үтэйэн кыырыы суруллубута баар. Таҥха кэмигэр хотон түннүгүн анныгар олорон сүөһүлэр “кэпсэтэллэрин” иһиллиилэрэ. Бу кэмигэр сотору өлүөхтээх киһи аатын этэллэрэ үһү. “Киһи олоҕо чыычаах түннүк нөҥүө көтөн ааһарын курдук кылгас” диэн өс хоһооно эмиэ өлүүнү кытта ситимнээх.
Сэргэ түннүктэрин икки арда туруору “долгун” курдук быһыллыбыттар.
Онон бу сэргэҕэ оҥоһуллубут “түннүктэри” биһиги чопчу түннүк быһыытынан ылынар кыахпыт суох эбит.Оччотугар бу туох суолталаах оҥоһуу буолуой? В.И. Саввинов бэлиэтээбитинэн “түннүктэр икки ардыларыгар туруору былыргылыы “долгун” орнаменынан быһыта оҥон оҥорбуттар”. Үөһээ ахтыллыбыт Ампаардаах сэргэтигэр эмиэ чопчу маннык “долгун” киэргэтиилээх. Ол аата бу сэргэ киэргэтиитигэр ити “долгун” оһуор туох эрэ суолталааҕа буолаарай? Аны маны ырытыаҕыҥ. Атын саха оҥоһуктарыгар эмиэ киэҥник тарҕамматах оһуор эбит. Биирдэ эмэ ыҥыыр хоҥсуоччутун кытыытын көбүс-көнө гыммакка, долгун курдук оҥорбут буолаллар. Ол эрэн чопчу бу кийиит сэргэтин курдук “долгун” көстүбэтэ. Аны сэргэ моойдоро ити “долгун” оһуорун курдук оҥоһуллубуттара кыраайы үөрэтээччи Н.Г. Петров-Буруулгун хаартыскаҕа түһэриилэригэр хас да баар. Оччотугар бу “долгун” киэргэтиибит олус чопчу да буолбатар, сэргэ моһуонун хатылыан сөп курдук.
“Долгуннуу” моойдоох сэргэ
Билигин Хаҥалас Ампаардааҕар турар “кийиит сэргэтин” көрүөххэ. Кини оҥоһуута, түннүктэрэ, томторолоро Кута Чымардаах сэргэтин кытта олох чугасыһар. Өссө оҥоһуутунан ордук уустук курдук. Бу сэргэ ортоку томторотун (моонньун) үөһээ-аллараа өртүн сарбынньах ойуунан киэргэппиттэр. Чинчийээччилэр суруйалларынан сарбынньах ойуу алгыһы кытта дьүөрэлэһэр, үрдүк айыылары кытта ситимниир, араҥаччылыыр суолталаах.
Ампаардаах сэргэтин ойуута-мандара
Терехова П.Д. уруһуйа.
Онон бу икки сэргэлэр оҥоһууларынан, аналларынан, турар сирдэринэн даҕаны биир силистээх-мутуктаах сэргэлэринэн буолаллар. Ол эрэн кинилэр “түннүктэрэ” уратыһаллар. Ампаардаах сэргэтэ туруору, бииргэһэ сытыары быһыылаах түннүктэрдээхтэр. Ол оҥо быһыллыбыт ойуутунан таһаардахха бастакы сэргэҕэ “балхах”, иккискэ “кытыйа” ойууламмыт курдуктар.
Онон бу сэргэлэри улаханнык суолталаан, ойуулаан-бичиктээн оҥорбуттар эбит. Хомойуох иһин бу ураты мааны сэргэлэр сорох ойууларын-мандардарын суолтата умнуллубут. Ол эрэн биири өйдүөххэ сөп – сэргэҕэ бу курдук “түннүктээн” оҥоруу ытык, алгыстаах бэлиэнэн буоларын.
Борисов Б.Б.