Култуура волонтердара быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэргэ кыттыһыахтара. Бу туһунан култуура волонтердарын өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэтин-хамнаһын иилээччи-саҕалааччы Ирина Тергюлева иһитиннэрдэ.
«Саха сиринээҕи култуура волонтердара» — култуура эйгэтигэр араас тэрээһиннэри, хамсааһыннары көҕүлүүр, олоххо актыыбынай көрүүлээх дьон түмсүүлэрэ,
«2021 сыл ахсынньытыттан Россия уопсастыбаннай хамсааһына докумуонунан бигэргэтиллибитэ. Биһиги хамсааһыммыт култуура эйгэтигэр үлэлиир хайысхата киэҥ: култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһын, култуура тэрилтэлэрин, архыып матырыйаалларын кытта үлэ уо.д.а.», — диэтэ кини.
Быйыл култуура нэһилиэстибэтин сылынан үс биллэр түмэли кытта «Суорун Омолоон — ФЭС» бырайыак ыытылларын, үлэлиир бөлөх тэриллибитин сырдатта. Маны таһынан, муус устар 18 күнүгэр бүтүн Россиятааҕы пааматынньыктары харыстааһын, көрүү-харайыы күнэ буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.