Кыһыҥҥы хаар түһүөр диэри намныыр суол өрөмүөнэ бүтэр

Дьокуускайтан намныыр суол өрөмүөнүн быйыл балаҕан ыйыгар эрдэлээн бүтэриэхтэрэ. Былаан быһыытынан эһиил алтынньыга диэн этэ. Суол өрөмүөнүн бүгүн муус устар 9 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев илэ бэйэтинэн билистэ.

 

«СӨ автомассыына суолларын управлениета» судаарыстыбаннай тэрилтэ дириэктэрэ Семен Филиппов дакылааттаабытынан, бэдэрээччит эрдэлээн, балаҕан ыйыгар өрөмүөн бүтүөҕэ.

Өрөмүөннэнэр суол уһуна 7,21 км. Түөрт балаһалаах аспаал айан суола тыргыллыаҕа, анал эргиирдээх суол силбэһиитин (кольцевой развязка), Жатайга уонна Кангаласска суол туорааһыннарын, киэҥ тротуардары оҥоруохтара. 12 оптуобус тохтобулун, хас да светофору туруоруохтара.

Бэдэрээччит «Дороги Саха» бэрэстэбиитэлэ  Егор Ефимов: «Бастакы түһүмэх 3,6 км түһэрдибит. Бэс ыйыттан бу учаастакка сигналлыыр тэриллэри туруоруохпут, буор кутаары бэлэмниибит, ууну аһарар турубалары бу ый бүтүүтэ түһэриэхпит», — диэн эрэннэрдэ.

Билигин Можайскай аатынан уулуссаттан тахсан Пилоттар – Быковскай (Белое озеро) уулуссаларга силбэһэр кольцевой суолу бырайыактыы, симиэтэлии сылдьаллар. Ол иһин Айсен Николаев суол тутааччылары Дьокуускай куорат дьаһалтатытын кытта бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырда.

Санатан эттэххэ, быйыл Саха сиригэр 500 км итэҕэһэ суох суол оҥоһуллуохтаах. Аҥаарыттан ордугун (264 км) «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» диэн нацбырайыагынан үбүлүүллэр. Дьокуускайга 2022 с. 35 км усталаах суол өрөмүөннэниэҕэ уонна саҥардыллыаҕа. Сыллата өрөмүөн харчыта элбиир. Ол курдук, быйыл 7,2 млрд солк үп көрүллүбүт. Ити суумма былырыыҥҥытааҕа 2 млрд элбэх.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Пресс-сулууспата.

Андрей Сорокин хаартыската (СИА)