«Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу тэрээһинэ чуумпуруу мүнүүтэтиттэн саҕаланна.

Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома сэрии толоонугар охтубут, сураҕа суох сүппүт, концлааҕырдарга эрэйи-муҥу көрбүт, кыайыы үөрүүтүгэр диэри тиийбэтэх хорсуннук охтубут буойуннарга ананна.

Фроҥҥа уонна тыылга олохторун толук уурбут саха дьонун кэриэһигэр Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы болуоссатын үйэлээх уотугар уонна «Кыайыылаах буойуннар» монуменнарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.

ТАР5АТ: