«Кыталык» норуодунай үҥкүү ансаамбыла Гран-при үрдүк аатын ылла — НВК Саха

Ахсынньы 14-16 күннэригэр «Измайлово» кэнсиэрдиир саалаҕа «Москва кубогар» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус буолан ааспыт. Манна Россия, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Винокуров салайар Россия норуотун уус-уран айымньытын үтүөлээх кэлэктиибэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Кыталык» норуодунай үҥкүү ансаамбыла Гран-при үрдүк аатын ылбыт.

«Сыанаҕа 100-тэн тахса кэлэктиип  тахсан, оһуор-дьарҕаа үҥкүүтүн көрдөрдө. Көрүү кыттыылаахтарын үрдүк квалификациялаах хореографтар, профессиональнай үҥкүүһүттэр, үтүөлээх артыыстар сыаналаатылар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

«Кыталыктар» Гран-при наҕараадатын таһынан икки анал аакка бастакы, иккис истиэпэннээх лауреаттарынан буолбуттар. Аны саас Волгоградка «Весна Победы» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска ыҥырыыны туппуттар.

Ону сэргэ ансаамбыл Москваҕа ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр уонна «Наследники традиций» Россия норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэтин сылын түмүктүүр улахан Гала-кэнсиэргэ кыттыыны ылла.