«Лидеры цифровой трансформации. Якутия» хакатоҥҥа Россия 50 регионуттан 600-тэн тахса киһи кыттыыны ылла
Ол курдук, куонкурус саайтыгар разработчиктар анал бэлиэтээһини ааһаннар, судаарыстыбаннай, муниципальнай уорганнар уонна өрөспүүбүлүкэ урбаанын сайдыытыгар сыһыаннаах боппуруостарга быһаарыылары бэлэмнээтилэр. Куонкуруһу Москва инновациятын агентствота уонна Саха сирин инновациятын сайдыытын пуондата ыыттылар.
«Уһук Илиҥҥэ Саха сирэ IT өҥөтүн регион иһигэр эрэ буолбакка, бүтүн уокурукка тарҕатарга бастакы миэстэҕэ сылдьара бэлиэтэнэр. Уонтан тахса сыл биһиги инновационнай экосистиэмэбитин сайыннарабыт, урбаанньыттары субсидияларынан, льготаларынан өйүүбүт, улахан үөрэҕирии бырайыактарыгар кытталларыгар өрүү ыҥырабыт, партнердары кытта билсэллэригэр, инвестицияны киллэрэргэ көмөлөһөбүт. Ол курдук, «Лидеры цифровой трансформации» хакатоҥҥа IT исписэлиистэрбит күрэх көмөтүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүгэр киирдилэр. Уопсайа 24 тыһ. тахса киһи кытынна», — диэн СӨ инновация, сыыппара уонна инфокоммуникационнай технологияларын сайдыытын миниистирэ Василий Ефимов бэлиэтээтэ.
Куонкуруска 138 хамаанда судаарыстыбаннай, муниципальнай уорганнарга уонна урбааҥҥа баар боппуруостарга 66 быһаарыыны оҥордулар. Мииринэй куорат дьаһалтатын баһылык өйдөөх цифровой көмөлөһөөччүтүн оҥорор сорудаҕа элбэх быһаарыыны ылла. Уопсайа хамаандалар 19 прототибы оҥорон биэрдилэр. Куорат дьаһалтата кыайыылаахтары быһаарда: DeCode (Амурдааҕы Комсомольскай) – бастакы миэстэ, МИСИС ЗАО «Машинное обучение и чат-бот решения, и искусственный интеллект, и роботы» – иккис миэстэ (Москва), үһүс миэстэ – «Асинхронность» (Амурдааҕы Комсомольскай).
Нерюнгри куоратын дьаһалтатын сорудаҕынан үлэһит үлэтин сабаҕалыыр систиэмэни оҥорорго бастакы миэстэни Peach2Win МИСиС (Москва) хамаанда ылла, иккис миэстэни – Webbee (Москва, Москва уобалаһа уонна Санкт-Петербург), үһүс миэстэни – MISIS_BoriskinAI (Москва).
Россия баана туруорбут маркетинговай этиитин генерациялыыр сервиһын оҥорорго быһаарыылары бэлэмнииргэ миэстэлэстилэр: spectr (Санкт-Петербург, Самара, Ростов, Мурманскай уонна Таганрог) – бастакы миэстэ, Dream Safety Team (Москва, Орел уонна Абакан) – иккис миэстэ, KSTU Template (Казань) – үһүс миэстэ.
Ыччакка профориентация үлэтин ыытар социальнай ситимнэри анаалистыыр сервиһи оҥорууга Омскай куорат «Адера» хамаандата бастакы миэстэни ылла, иккис миэстэ – MISIS Ryazan’ (Москва), үһүс миэстэ – IFoundMisis (Москва).
Хакатонтан кыттааччылар элбэх саҥа уопуту уонна сатабылы ыллылар. Куонкуруска икки мөл солк бириистээх пуонда оонньонно. Бастакы миэстэни ылбыттар 250 тыһ солк, иккис миэстэ –150 тыһ солк, үһүс миэстэ – 100 тыһ солк.
«Лидеры цифровой трансформации» хакатон бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан бүтүн Россия үрдүнэн кэҥиир, тэнийэр. «Ломоносов» кластерыгар технология урбаанын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүгэ IT исписэлиистэрэ сайдалларын, үөрэнэллэрин туһугар маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара суолталааҕын кини бэлиэтээбитэ.
«Хакатону регионнар таһымнарыгар таһаарыы ыччат технология урбаанын киэҥник тарҕатар. Куонкурус дойдубут үрдүнэн баар талааннаах разработчиктары сайыннарар», — диэн Москва урбаанын уонна инновационнай сайдыытын департаменын баһылыга Кристина Кострома бэлиэтиир.
Уһук Илиҥҥэ айар индустрия сайдыытыгар Саха сирэ лиидэр буолара бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ 90%-ҥа тиийэ IT бородууксуйаны тарҕатар. Ааспыт сыл ахсынньытыгар айар индустрия эйгэтигэр Российскай национальнай бириэмийэҕэ Саха сирэ «креативный регион» номинацияны ылан лауреат буолбута. Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ мунньубут уопута айар индустрия сайдыытыгар региональнай стандарт быһыытынан киириэҕэ.