Манчаары башнятын чөлүгэр түһэриигэ үбү хомуйуу аахсыйатын биллэрдилэр

Саха сирин олохтоохторун «Манчаары башнята. XXI үйэ» федеральнай суолталаах пааматынньыгы чөлүгэр түһэриигэ үбү хомуйуу аахсыйатыгар кыттыһарга ыҥыраллар. Башня Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр турар. Бу туһунан СӨ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хомуур «Саха» НКИХ ханаалыгар телемарафон эрэһииминэн муус устар 18 күнүгэр — аан дойдутааҕы пааматынньыктар аан дойдутааҕы күннэригэр, 15:00 чаастан саҕаланыаҕа.

Манчаары башнята Саха сирин историятын уонна култууратын биир биллэр, сыаналаах пааматынньыктарын ахсааныгар киирэр.

«Башня, биллэн туран, XVIII үйэҕэ сыһыаннаах <…> Бу ураты тутуу саха харыстанар архитектуратын төрдө уонна Кыргыс үйэтин кытта ситимнээҕин көрдөрөр», — диэн археолог Алексей Окладников 1950 сыллаахха эппит.

История уонна култуура пааматынньыктарын чөлүгэр түһэрии аахсыйатын Ил Дархан Айсен Николаев 2019 сыллаахха көҕүлээбитэ. Баһылык дьиэ кэргэнэ Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр турар «XIX үйэ миэлиҥсэтин» чөлүгэр түһэрэргэ үбүн-харчытын туттарбыта.

Ол кэмтэн ыла энтузиастар, үлэ коллективтарын, судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уонна тэрилтэлэр салайааччыларын күүстэринэн 30-тан тахса араас үйэ эбийиэктэрэ чөлүгэр түһэриллибитэ бэлиэтэннэ.