Муус устар 8 күнүгэр, «Аҕа күрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар уонна уолаттар күрэхтэһиилэрин бастакы күнэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун I-кы Наахара нэһилиэгэр буолла. Бу туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2021 сылга саамай элбэх кыттааччы — 18 оройуонтан 22 хамаанда кытынна диэн бэлиэтэнэр. Кыттааччылар уонна тэрийээччилэр эпидемиологическай быһыыга-майгыга куттала суох буолуу миэрэлэрин тутуһаллар: ыспыраапкалаахтар, күҥҥэ иккитэ термометрияны ааһаллар, медицинскэй мааскалары кэтэллэр, илиилэрин антисептигынан соттоллор.
Тэрээһин үгэс быһыытынан алгыс сиэринэн-туомунан саҕаланна. Аһыллыыга кыттар хамаандалар сахалыы таҥастаах улуустарын былааҕын тутан колоннаҕа хаамтылар, тыраахтардар парааттара буолла.
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр кыттааччылар үс түһүмэххэ кииристилэр: «Бэргэн ытыы», «Остуолбаҕа ыттыы» уонна «Ойбону алларыы», маны таһынан, хамаандалар бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин, үгэстэрин, сыалларын-соруктарын видео оҥорон билиһиннэрдилэр, аҕа уонна уол дьарыктарын кэпсээтилэр.
Бүгүн, муус устар 9 күнүгэр, кыайыылаах хамаанда биллиэҕэ, чемпион кура уонна квадроцикл бириис туттарыллыаҕа.