«Миссис Чурапча» куонкурус кыайыылааҕа 100 000 суумалаах сертификатынан наҕараадаланна

Чурапчы нэһилиэгэр Дьиэ кэргэн сылын уонна Дойдуга Ийэ күнүн чэрчитинэн толору бигэ туруктаах, кэскиллээх кэнчээри ыччаттардаах дьиэ кэргэн буолууга ыҥырар, Ийэ статуһун үрдэтэр сыаллаах-соруктаах 14-с төгүлүн күүтүүлээх «Миссис Чурапча» куонкурус буолан ааста.

Уопсайа аҕыс күн күбэй ийэ кыттыыны ылла.

«Бүгүн биһиги Ийэлэрбит барытыгар дьоҕурдаахтарын, аныгы үйэ тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыылларын, дьиэ кэргэн сылаас, истиҥ сыһыанын, оҕо иитиитигэр, үлэҕэ-хамнаска, барытыгар үтүө холобур буолалларын көрдөрдүлэр. Бүгүн бигэтик бэлиэтии көрөбүт Саха омук удьуора утумнанан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, ыччаттар бигэ туруктаах дьиэ кэргэҥҥэ, сылаас тапталга сууланан улааталлар диэн. Ол аата биһиги ыччаттарбыт инникитэ кэскиллээх, эрэллээх», — диэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Алена Пермякова бэлиэтээтэ.

Биэс түһүмэх түмүгүнэн, «II Вице Миссис» — Анна Артемьева, «I Вице Миссис» — Кристина Кириллова уонна «Миссис Чурапча» үрдүк аат кыайыылааҕынан — Семерина Николаева буоллулар. Кыайыылаах «Аргыстур» туристическай тэрилтэ (салайааччы — Розалия Сергеевна Борисова) олохтообут 100 000 солкуобай суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.